Саха ньургун уола
Сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойугар
Попов Федор Кузьмичка ананар
(Поэма)
Сахабыт сиригэр, Мэҥэҕэ
Салаллан кэллэ бу бэлиэ күн –
Сахаттан бастакы Дьоруойга
Санаабыт түмүллэр күн-бүгүн.
…Эргиллэн көрүөҕүҥ хайыһан
Кини ким эбитин, хайдаҕын,
Эдэркээн оҕолуу саастарын,
Кыайыытын кистэлэҥ күүстэрин.
Ханнык сир, хайа ыал кинини
Үөскэтэн-төрөтөн таһаартай,
Хайдахтаах өстөөхтөн Кыайыыны
Үөс биэрбэт охсуунан ылбытай?
Баар манна лиҥкинэс сис тыалаах,
Үөһээттэн өҥөйөр мырааннаах,
Үс ыраас сүүрүктээх үрэхтээх,
Баатара баай бултаах, балыктаах.
Баатара отутус сылларга
Бар дьоно холкуоска холбоһор,
Биир тэҥҥэ түмсүһэр үлэҕэ,
Бииртэн биир соругу толорор.
Үлүмнэс туттуунан, турунан
Үтүмэн тутууну ыыппыттар,
Барытын сүгэнэн-эрбиинэн
Бөһүөлэк олохтоон киирбиттэр,
Оҕону үөрэтэр оскуола,
Култуура кулууба, эмп пууна,
Олоххо сайдыыны аҕала
Холкуостаах түмсүбүт бу кииҥҥэ.
«Октябрь» диэн ааты ылынан
Сир тиэрэн, бурдугу үүннэрэр,
От оттоон, сүөһүнү кыстатан
Сылтан сыл кыаҕыран иһэллэр.
Ол кэмҥэ тус арҕаа биир дойду
Уот сэрии төлөнүн ииттинэр,
Баҕарар баҕата – аан дойду
Бокулуон киниэхэ ууруоҕар.
Баҕарар сир үрдүн омугун
Бүтүннүү хамначчыт оҥостуон,
Хас дойду айбытын-туппутун
Хайаан да аҥардас баһылыан.
Атын сир байылыат буолуоҕар
Гиитилэр диэн киһи өстүйэр,
Аармыйа тэринэн, сэриигэ
Кимнээҕэр да ордук турунар.
Баламат быһыыта ахсаабат –
Күннэри-түүннэри тэринэр,
Буускалар, бүлүмүөт, аптамаат
Килэгир тимиртэн кутуллар…
Өбүгэбит барахсан
Кылгас сайын күннэрин
Өрүсүһэн туттунан
Оҥосторо кыстыырын.
Ойор күннээх олоҕо –
Олох иһин охсуһуу,
Өйдүүр өйө – үлэҕэ,
Өлбөт иһин дьулуһуу!
…Сыҥаһалаах алааска
Боппуок аймах олорбут,
Саҥа үүммүт холкуоска
Бары киирэн холбоспут.
Кинилэртэн Кууһума
Кыра уола Сүөдэр диэн,
Аҕатыныы ырааһа,
Ийэтинии нарына.
Майгытынан сымнаҕас,
Моһуоктаспат, баайсыбат,
Оҕолорго сайаҕас,
Чобоорхойбот, чорбойбот.
Онньуулартан маппата,
Оҕолордуун тапсара –
Кылыйсара, сырсара,
Мээчиктиирэ, тустара.
Хайыһарга ордуга,
Ситтэрбэтэ, куотара,
Умсарынан олуһа,
Хайа баҕар харбыыра.
Үчүгэйэ үөрэҕэр,
Кыһаллара билэргэ,
Сатыы хааман дьиэтигэр
Хараҥаҕа кэлэрэ.
Аҕатыныын сылдьыһан
Илии-атах буолара,
Сайын окко мунньуһан,
Бугуллаһан буһара.
Оттук маһы эрбэһэн
Хайытыһан, кыстыыра,
Арыт сүөһү уулатан
Хоочугураан кэлэрэ.
Булду олус таптыыра
Дьиэҕэ хаалбат буолара,
Сохсо, туһах иитэрэ,
Күнү быһа сылдьара.
Булду ааҕа билэрэ –
Балыктыыра, кустуура,
Бу барыта иитэрэ
Мындыр өйү, тулууру.
Биллибэттик, бу курдук
Буһан-хатан испитэ,
Ону тэҥэ биллэрдик
Үүнэн-сайдан барбыта.
Эйэлээх үлэнэн дьон-сэргэ
Элбэҕи ситистэ, оҥордо,
Эрэнэр, кэнэҕэс бу сиргэ
Ыччата дьоллоохтук олоруо.
Сахалыы саймаархай салгыны
Астына, дуоһуйа тыыналлар,
Саҥа күн сандаарар сырдыгын
Айхаллыы-уруйдуу көрсөллөр.
«Октябрь» холкуоһун сиригэр
Ходуһа отторун охторо
Охсоллор хотуурдаах уолаттар
Хонугу, курааны былдьаһа.
Ыанньыйбыт ынахтар наҥнаһан
Титииккэ субуһан кэлэллэр,
Ыанньыксыт кыргыттар кыһаллан
Түптэлээн унаарда көрсөллөр.
Хааччахха ньирэйдэр сырсаллар –
Оҕолор олору көрөллөр,
Ханна да тула көр – ыччаттар
Ордук күүс үлэҕэ сылдьаллар.
Сүөдэрбит кууруһу бүтэрэн
Бу кыһын сырдыгы тарҕатта –
Буукуба холбооттоон аахтаран,
Аахпаты ааҕарга үөрэттэ.
Кинигэ, харандаас туттаран
Хараҥа олохтон таһаарда,
Олоххо саҥа аан арыйан
Үрдүккэ талаһар кыах биэрдэ.
Дьон-сэргэ туһугар кыһаллар
Сүөдэри холкуоһа ордорор –
Бастыҥ ыччат, агитатор
Билиилэрин байытынар.
Холкуос хонуу үлэтигэр
Биригэдьиир оҥостоллор,
Биир санаанан биһирииллэр,
Эрэллэрин биллэрэллэр.
Үлэни-хамнаһы, түбүгү
Табатык аттаран, тэрийэр,
Сымнаҕас майгылаах эрээри
Эппитэ туоларын ситиһэр.
Үрдүкү кирбиигэ тардыһан
Улууска бастакы буоланнар,
Бириискэ патефон ыланнар
Кыайыыттан күүстэрэ эбиллэр.
Эдэр саас күөгэйэр күннэрэ!
Ыарахан үлэни аахпакка,
Биир күнү өрүүрү билбэккэ
Тардыһар үөрүүгэ-көтүүгэ…
Кулуупка ыччаттар мустаннар
Кыраһыын лаампатын сырдыгар
Патефон ырыатын истэллэр,
Үҥкүүлээн эргийэн ылаллар.
Бу кылгас киэһэҕэ сүрэхтэр
Сылаастык нүөлүйэ тэбэллэр,
Харахтар таайтара көрөллөр,
Тарбахтар таарыйсан ылаллар.
Билбэттэр кинилэр букатын
Бу кылгас дьоллоро буоларын,
Сотору алдьархай ааҥныаҕын,
Олоҕу түҥнэри ууруоҕун…
Билбэттэр эдэр саас бүтүөҕүн,
Ким барыан, ким сүтүөн, эргиллиэн,
Ким аччык тымныйан охтуоҕун,
Ким чороҥ соҕотох хаалыаҕын…
Тыһыынча тоҕус сүүс түөрт уон биир Бэс ыйын чаҕылхай күннэрэ
Түөрт холкуос кыттыһан суол солуур –
Мас кэрдэр, суулларар тыастара
Эрбиилээх, сүгэлээх, баһымньылаах
Харса суох үлэлээн туманнаан,
Тириппит-хоруппут сирэйдээх
Толуу дьон иһэллэр барчалаан.
Тураҕас ат мииммит биир киһи
Майалыыр суолунан бу кэллэ –
Күүппэтэх соһуччу быһыыны –
Уот сэрии буолбутун биллэрдэ.
Кылыс тыл мэйиигэ хатанар –
«Уот сэрии! Уот сэрии!» ‒ дарбыйар,
Чочумча дөйүөрэн турдулар,
Хаһыаты аахтаран биллилэр…
Бу тылтан барыта эргийдэ,
Күн сирэ атыннык көһүннэ,
Туох бары чуумпура иһийдэ,
Бэл салгын ураты тыыннанна.
Сүөдэр уол ааҕара күүһүрдэ:
«Кырдьыктаах биһиги дьыалабыт!»
Тыллары бигэтик саҥарда:
«Өстөөҕү самнары сынньыахпыт!»
…Оо, Атыыр Тириитэ сайылык!
Саҥата суох оргууй алҕыыгын,
Кууһаҕын ийэлии сылаастык
Сэриигэ атаарар ыччаккын…
Маҥнайгы хомуурга бардылар
Бары да үтүөкэн эр бэртэр –
Аҕалар, убайдар, бырааттар,
Эдэркээн бэйэлээх уолаттар…
Сахалыы сиэринэн туттунан
Аймана, айдаара барбаттар,
Эбээлэр саҥата суох кистээн
Көмүскэ ууларын соттоллор…
Сүөдэр уол доҕорун атаарар,
Эргиллэн кэлиэҕэр баҕарар,
Ыҥыыртан тутуһан хаамсыһар:
«Мин эмиэ сотору барыаҕым»…
Алаастан тахсар суол төрдүгэр
Бүтэһик ат сүтүөр диэритин
Хаалбыт дьон хараҕа атаарар
Маҥнайгы хомуурга барбыты.
«Кэлээриҥ, кэлээриҥ, төннөөрүҥ,
Күүтүөхпүт күннэри-түүннэри,
Этэҥҥэ эргиллэн кэлээриҥ,
Көрсүөхпүт Кыайыыны кытары!»
Олох тосту уларыйда –
Үлэ-хамнас күүтэн турбат,
Сэрии тыына сабардаата –
Киһи тиийбэт, илии тиийбэт…
Биригээдэ үлэтигэр
Сүөдэр дьонун анаталыыр,
Биирдии киһи саннытыгар
Икки, үс бүк сүктэриллэр.
Бары өйдөөн ылыналлар
Кырдьаҕастыын, оҕолордуун,
Кыайыы иһин туруналлар
Улаханныын, оччугуйдуун.
Сүөдэр күнү супту сылдьар,
Барытыгар көмөлөһөр,
Барытыгар иҥэр-тоҥор,
Дьиэтин киэһэ хойут булар.
Салалтаттан сорудахтар
Тохтооботтор күнүн-түүнүн:
‒ Хомуйаҥҥын туттараргар
Бүгүн-сарсын сайыам үбүн.
Нэһилиэк сэбиэтин чилиэнэ,
Бырабылыанньа актыыба –
Сүөдэр холкуос Кыайыы иһин
Кыттыһар үлэтин салайар.
Оскуола дьиэҕэ киэһэ мустан
Уолаттардыын кэпсэтэллэр,
Сэрии сэбин билсиһэллэр,
Нуучча тылын үөрэтэллэр…
Сүөдэр оннук бэлэмнэнэр,
Аармыйаҕа барыан билэр,
Эрдэтинэ ийэтигэр
Сэрэтэрдии эмиэ этэр…
Эдэр сааһын кистэлэҥин
Кимиэхэ да эппэтэҕэ,
Истиҥ иэйии сахпыт кыымын
Сэмэй буолан, аспатаҕа…
Сэриигэ барыан иннинэ
Кыаҕын, күүһүн, саталын
Холкуоһун туһугар биэрбитэ,
Кэмсинэрэ туох да суоҕа.
Сүөдэр маннык улааппыта,
Мантан силис тардыбыта.
Кэлин таайа саныахтара
Хайдах дьоруой буолбутун.
Айгыр-силик айылҕабыт
Анаан тупсан киэркэйэрэ,
Айбыт Аар Айыыларбыт
Айхалланар кэмнэрэ.
Быйыл эмиэ атын сайын –
Үөрүү-көтүү сатыылаабат,
Олох тыына ончу атын –
Уруй-туску этиллибэт…
Иккис сылын идэмэрдээх
Уоттаах сэрии охсуһуута,
Өлүү-сүтүү үктэллэрдээх
Үлүгэрдээх кыргыһыыта.
Сэрэйбитин курдук Сүөдэр
Сэриилэһэ барар буолта,
Үгүс тылы эппэтэҕэ,
Барар малын хомуммута.
Алаастарга, өтөхтөргө
Ордорбокко сылдьыбыта,
Сыҥаһалаах, Ырыал, Өргөдьөк
Кыстыктарын кэрийбитэ.
Бөҕө-таҕа бу тутуулар –
Хаста аспыт аана буолуой?
Балаҕаннар, ампаар дьиэлэр ‒
Атыллаабыт модьоҕотой?
Тиэргэннэргэ турар сэргэ ‒
Өрүү көрсөр ытык бэлиэ,
Бүтэйдэрин сүлдьүгэһэ –
Олус чугас билэр маһа.
Атыыр Тириитэ сайылыгын
Сүөдэр көрөр умнубаттыы,
Алаас ньуурун, тула тыатын
Хараҕар хатаан хаалларардыы.
Эдэр тиити охторбута,
Хатырыгын суллаабыта.
«Бэлиэ буоллун», ‒ туруорбута,
Барар кэмин суруйбута.
Арахсыһыы ааҥнаабыта,
Чээлэй оттоох Баатараттан
Алта уонча эдэр ыччат
Сэриилэһэ аттаммыта.
Ийэтэ Боккуой ыгылыйан
Титирэстиир илиитинэн
Уолун кууһа тардыбыта,
Хараҕын уута сүүрбүтүн
Былаатын муннугунан соппута.
«Ийээ, ытаама, эргиллиэҕим,
Убайдарым көрүөхтэрэ!»
Балта Дьэбдьиэй атаарсыһа
Олорсубута тэлиэгэҕэ.
…Ыраас, сырдык, сылаас күн
Сүөдэр сэриигэ барбыта…
Өлүөнэ өрүс үөһүнэн
Борохуот устан күпсүйэр,
Буруота үөһэ унааран
Салгыҥҥа сүтэн тарҕанар.
Бу устан баран иһэллэр
Сахалар сэрии уотугар,
Ийэ сир, көҥүл туһугар
Дойдубут арҕаа уһугар.
Кэпсэтэн, билсэн бараллар,
Олохтоох сонун иһиллэр.
Сэрииттэн сурах кэлбитин
Ыйыта, билэ сатыыллар.
Үһүйээн, номох кэпсэнэр,
Арааһы ахтан ааһаллар,
Олоҥхо истэ түһэллэр,
Сороҕор ырыа ыллыыллар.
Эбэтэр күүһү холоһон
Тардыһан, тустан ылаллар.
Унньуктаах уһун айантан
Дьарыгы сатаан булаллар.
Көрөллөр билбэт сирдэрин,
Саҥаттан саҥа биэрэги,
Ахтылҕан кууһар сүрэхтэрин –
Ыраата хаалар дойдулара.
Хаалаллар ууга тууйастар –
Бүтэһик илдьит бэлиэтэ,
Усталлар бигиир долгуннар
Төрөөбүт буорга тириэрдэ…
«Туохха ананан төрөөбүппүнүй –
Ону толору толоруохха!
Туохха анаан кэлбиппиний –
Толлубакка турунуохха!
Өстөөхтөрдүүн киирсэр буоллахха –
Көрсүһэргэ бэлэмнэниэххэ,
Өлөрсөр-өһөрсөр буоллахха
Өлөртөн ордорго дьулуһуохха!»
Сүөдэр булчут бэрдэ этэ –
Сааны бэркэ билэрэ,
Аны сэрии «бултуур» саатын
Барыларын үөрэттэ.
Бинтиэпкэни, аптамааты,
Бүлүмүөтү баһылаата.
Сыалы ытан табарынан
Хамандыыртан хайҕал ылла.
Тутуһан туран охсуһарга
Тулуппат буолан иһэр ‒
Онно көмө буоллаҕа
Хапсаҕайы сатыыра.
Сүөдэр элбэх араас омук
Дьонун көрсөн, билсистэ.
Саха хааннаах да биир тэҥҥэ
Сылдьыан сөбүн итэҕэйдэ.
Көмөр буолбут дьиэ-уот оннун
Өлүү суолун илэ көрдө,
Өстөөх үөрүн кыдыйарын
Кырдьыктааҕын чахчы биллэ.
Кэрэ дьикти Украина!
Сылаас тыалыҥ аҕалара
Улуу Кобзарь ырыаларын,
Ыраах тиэрдэ тарҕатара.
Уохтаах гопак үҥкүүгүттэн
Уолаттарыҥ ойоллоро,
Сибэккилии ситэн, иэйэн
Кыргыттарыҥ ыллыыллара.
Күн уотугар күлүмүрдүү
Днепр устан мөлбөйөрө,
Илгэтинэн илитэрдии
Кытылларгар охсуллара.
Хаан уруулуу славяннар –
Белорус, нуучча, украинец –
Ырыатыгар ыпсарара,
Хоһоонугар холбооттуура.
Хас көлүөнэ оҕолоруҥ
Днепри таптаан туойбуттарай,
Тахсар күнүҥ саһарҕатын
Уоллаах кыыһыҥ көрсүбүтэй?
Билигин эн сырдык күҥҥүн
Өһөх буруо болоордубут,
Чыычаах ыллыыр күөх саадтарын
Күөрэ-лаҥкы тэпсиллибит…
Өстөөх Днепри кыйа үөһэ
«Илиҥҥи баал» диэн ааттанар
Өрүс хааһын үрдүн бата
Бөҕөргөтүү туттан барар.
Баҕарар ол өрүс үрдүн
Буулдьа, буомба, сэнэрээт хоппот
Кириэппэскэ кубулутуон,
Кэннин диэки чугуйумуон.
Сэбиэскэй сир аармыйатын
Үтэр күүһүн манна бохсон,
Днепр нөҥүө таһаарбакка
Ылбыт сирин бигэргэтиэн.
Тимир дэгиэ тыҥыраҕын
Тордуоҕунан хатаастаһар,
Киниэхэ хас томтор, хас аппа
Табыгастаах хахха буолар.
Ытыс көнө ньуурун курдук
Ыраас өрүс устар уута.
Маныыр ону кыраҕытык
Өстөөх өһүөн хараҕа.
Сидьиҥ өстөөх санаалара
Туолалларын тохтоторго!
Өрүһү хайаан да туоруохха,
Уҥа биэрэги ылыахха!
Оо Днепр, Днепр, улуу өрүс!
Эйигин хайдах туоруохха?
Таптарбакка, түргэнник
Нөҥүө биэрэги булуохха?..
Сиринэн хаамардыы, сатыылаан
Өрүһү туоруур диэн – суоһар суол –
Понтуон суох, болуот суох, тыы да суох…
Аҥардас бэйэҥ кыаҕыҥ, харбыырыҥ…
«Кимэн киирии!» ‒ дьэ, сатарыыр,
Ойон туран, ыстаналлар,
Тута ыстаал уот тибиирэр ‒
Ким сиргэ, ким ууга охтоллор…
«Мессердэр», «Юнкерстар» көтөллөр –
Үөһэттэн буомбалар түһэллэр,
Уҥуортан бүлүмүөт уһуурар,
Сэнэрээт өрүһү күдээрдэр…
Сүөдэр кумахха хаптайан
Өрүһү чинчийэ көрөрө:
«Халтайга хааны таах тоҕумуох,
Бу манан харбыахха, умсуохха».
Мэйиитэ чуолкайдык үлэлиир,
Кыҥаабыт ох курдук, кытаатар,
Сылбырҕа ойуунан чугаһыыр,
Харса суох өрүскэ ыстанар…
Тымныы уу бөҕүөрдэ хам кууһар
Илиитэ-атаҕа баайыллар,
Таҥаһа илийэн дьаакырдыыр,
Аллара тимирдэ тардыһар.
Дэлбэритэ тэбииттэн
Өрүс түллэр, үллэҥниир
Быыстала суох ытыыттан
Буулдьа тыаһа ыйылыыр.
Кытаат, кытаат, саха уола,
Баар эйиэхэ саха өһөс хаана,
Сылайбат сындааһыннаах иҥиирэ,
Тыйыс айылҕа ииппит тулуура!
Сүөдэр кыайда, туораата,
Өрүс уҥуор үктэннэ!
Тыынын ылаат, кыл түгэнэ
Өрүс хааһын көрөн ылла –
Бүлүмүөт хантан ытарын,
Өстөөх ханан сытарын,
Ханан сүүрүөн, сыыллыан,
Ханан үөһэ ыттыаҕын.
Өстөөх сытар арҕаҕар
Сүөдэр сыылан үөмэн тиийдэ,
Чуҥнуу түһээт, ыстанна,
Окуопаҕа ойон киирдэ.
Аптамаатын уотунан
Охсор оттуу сууллартаата
Чаҕылҕанныы түргэн, бэргэн,
Кини ньымса хамсаныыта!
Быһаарыылаах бу түгэҥҥэ
Тутан туран хапсыһыыга,
Уҥа-хаҥас бэрсиһиигэ
Киирдэ киниэхэ хахай хаана!
Баабыр буола быһыытыйда,
Хардаҥ эһэлии уохтанна,
Түмүлүннэ, өрө күүрдэ
Өйө, күүһэ, өһө-сааһа!
Соҕотоҕун да буоллун –
Бу хонууга ‒ хорсун буойун!
Кини манна – Аармыйа
Тыһыынчанан саллаата!
Уҥа-хаҥас, илин-кэлин
Эргиччи уоту ыһар,
Өрүһүйдэ ротатын –
Ууну туораан тахсарын!
Төгүрүйүү кутталын
Көрө охсон, быыһыы сыыллар,
Үөмэр өстөөх саллааттарын
Кэтэҕиттэн кыдыйталыыр.
Өстөөх син биир тохтообот –
Өрө тустан киирэ турар,
Күнү супту тоҕус төгүл
Төхтүрүйэн атаакалыыр.
Сүөдэр онтон чаҕыйбат,
Ылбыт сирин ыһыктыбат,
Ийэ сирин бу кирбиитин
Биэрбэт курдук бигэ тутар.
«Ураа!» хаһыы дуорайар
Кыһыл Аармыйа туораан тахсар,
Саба сырсан кэлэллэр
Эр бэртэрэ саллааттар.
Саха этэ кини –
Сырдык ыра санаалааҕа,
Сымнаҕас майгылааҕа…
Саха этэ кини –
Төрөөбүт түөлбэтиттэн
Тэлэһийэ барбатаҕа,
Саха этэ кини –
Оҕуруктаах өйдөөхтөрдүүн
Ордуулана сылдьыбатаҕа,
Улахан омуктар
Урдустара буолбатаҕа.
Ол эрээри
Уйан-хатан биллэригэр
Үгүстэртэн ордубута,
Тэҥнээхтэрдиин тэгил киирсэр
Хоодуот-хорсун дэппитэ.
Сидьиҥ өстөөх иннигэр
Сахатын биллэрбитэ,
Кулут-чаҕар буолбатах
Көҥүл оҕотун көрдөрбүтэ.
Саха этэ кини –
Сүүрбэ биирэ эрэ этэ.
Алдьархайдаах уот сэриигэ
Саханы ааттаппыта.
Саха ааттаах, өйдөөн аас
Самныбат
Сата буурай санаалаах
Саха ньургун уолун!
Олох иһин, дойду иһин
Толук буолбут олоҕун,
Сахпыт кыыһар төлөнүн
Салгыы көтөр кынаттаа,
Өлбөөдүйбэт үрдүк аатын
Өлбөт-сүппэт үйэлээ!
Лидия Андросова Төҥүлү, Мэҥэ-Хаҥалас,
«Таммахтар».
Сэтинньи ый, 2021 с.