«Көмүс дорҕоон кынаттанан» фестиваль‒конкурс түмүгэ.
‒ Сэтинньи 2 күнүттэн ахсынньы 17 күнүгэр диэри хоровой уонна вокальнай коллективтарга Нина Николаевна Васильева төрөөбүтэ 70 сылын көрсө куйаар ситимин нөҥүө республикатааҕы «Көмүс дорҕоон кынаттанан» фестиваль‒конкурс ытылынна. Кыттыыны ыллылар Ленскай, Чурапчы, Нам, Уус‒Алдан, Мэҥэ‒Хаҥалас улуустарытттан уонна Тулагы сэлиэнньэтиттэн.
‒ Дьүүлүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр:
‒ Бэрэссэдээтэл ‒ Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, «Гражданскай килбиэн» знак хаһаайына, Саха республикатын профессиональнай үөрэҕэрии ветерана, Аграфена Дмитриевна Макарова аатынан культура уонна искусство колледжын уһуйааччыта Елизавета Степановна Попова
‒ Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, «Гражданскай килбиэн» знак хаһаайына, тележурналист Владимир Петрович Корякин‒Индигирскэй
‒ Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, педагогическэй үлэ ветерана, республикатааҕы норуот айымньытын дьиэтин сүрүннүүр үлэһитэ Анастасия Титовна Аммосова
‒ Саха республикатын культуратын туйгуна, Марина Попова аатынан оҕо искусствотын оскуолатын уһуйааччыта Светлана Константиновна Дьячковская
‒ Болҕойун! Болҕойун!
‒ Хоровой уонна вокальнай коллективтарга Нина Николаевна Васильева төрөөбүтэ 70 сылын көрсө куйаар ситимин нөҥүө республикатааҕы «Көмүс дорҕоон кынаттанан» фестиваль‒конкурс түмүгүн иһитиннэрэбит:
Вокальнай коллективтар икки ардыларыгар:
2с степеннээх Димломант аатын ылла ‒ «Кытыл кыыма» вокальнай ансаамбыл, сал. Макарова Надежда Григорьевна, Хамаҕатта, Нам улууһа.
1кы степеннээх Димломант аатын ылла ‒ «Аргыс» эр дьон народнай вокальнай ансаамбыла, сал. Иванов Станислав Семенович, концертмейстер Стрекаловский Александр Анатольевич, Кылайы, Уус-Алдан улууһа.
3с степеннээх Лауреат аатын ылла ‒ «Күндээрэ» вокальнай ансаамбыл, сал. Бережнева Лонгина Пантелеймоновна, Тулагы сэлиэнньэтэ
2с степеннээх Лауреат аатын ылла ‒ «Сардаана» вокальнай ансаамбыл, сал. Иванова Матрена Васильевна, Төҥүлү, Мэҥэ‒Хаҥалас улууһа
1кы степеннээх Лауреат аатын ылла ‒ «Мичээрдэр» вокальнай ансаамбыл, сал. Нестерова Февронья Петровна, баянист Осипов Степан Дмитриевич, Чүйэ, Мэҥэ‒Хаҥалас улууһа
Вокальнай коллективтарга Гран‒При үрдүк аатын ылла ‒ «Иэйии» вокальнай ансаамбыл, сал. Терешкина Анета Андреевна, Чамча, Ленскэй оройуона. Гран‒При хаһаайыттарыгар туттарыллар 15 000 суммалаах сертификат. Бирииһи туруорда Мэҥэ‒Хаҥалас улууһун культура уонна духуобунай сайдыыга салалтата, начальник Аргунов Дмитрий Иванович
Хоровой коллективтар икки ардыларыгар:
1кы степеннээх Димломант аатын ылла ‒ Төхтүүрдээҕи оҕо искусствотын оскуолатын хоровой коллектива, сал. Петрова Надежда Пакловскиевна, концертмейстер ‒ Собакина Ульяна Егоровна, Мэҥэ‒Хаҥалас улууһа
3с степеннээх Лауреат аатын ылла ‒ Хара нэһилиэгин хоровой коллектива, сал. Степанова Татьяна Юрьевна, Мэҥэ‒Хаҥалас улууһа
2с степеннээх Лауреат аатын ылла ‒ Дириҥнээҕи народнай хор, сал. Попова Фёкла Ивановна, хормейстер — Матвеева Парасковья Семёновна, концертмейстер — Тарабукин Прокопий Иванович, Чурапчы улууһа
1кы степеннээх Лауреат аатын ылла ‒ Чурапчытааҕы Степан Кузьмич Макаров аатынан гимназия учууталларын хоровой коллектива, сал. Лыткина Екатерина Марковна, концертмейстер – Гоголев Руслан Федорович, Чурапчы улууһа
Нина Николаевна Васильева аатынан Майатааҕы народнай хор 10 000 суммалаах анал бирииһэ туттарыллар ‒ Чурапчытааҕы Степан Кузьмич Макаров аатынан гимназия хоровой коллективыгар, сал. Лыткина Екатерина Марковна, концертмейстер – Гоголев Руслан Федорович, Чурапчы улууһа
«Бастыҥ акапелла толоруута» анал аат туттарыллар ‒ Дириҥнээҕи народнай хорга, сал. Попова Фёкла Ивановна, хормейстер — Матвеева Парасковья Семёновна, концертмейстер — Тарабукин Прокопий Иванович, Чурапчы улууһа, анал аат хаһаайыннарыгар туттарыллар 10 000 суммалаах сертификат. Бирииһи туруорда Дмитрий Федорович Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтэ, директор Винокуров Василий Павлович
«Бастыҥ хормейстер» анал аат туттарыллар ‒ Галина Иннокентьевна Варламоваҕа, Төҥүлүтээҕи народнай хор салайааччытыгар, Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитигэр, анал аат хаһаайыннарыгар туттарыллар 10 000 суммалаах сертификат. Бирииһи туруордулар Нина Николаевна Васильева дьиэ кэргэнэ уонна аймахтара.
Хоровой коллективтарга Гран‒При үрдүк аатын ылла ‒ Төҥүлүтээҕи народнай хор, сал. Варламова Галина Иннокентьевна, Мэҥэ‒Хаҥалас улууһа. Гран‒При хаһаайыттарыгар туттарыллар 15 000 суммалаах сертификат. Бирииһи туруорда «Майа сэлиэнньэтэ» тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата, баһылык Тихонов Дмитрий Иванович.
‒ Хоровой уонна вокальнай коллективтарга Нина Николаевна Васильева төрөөбүтэ 70 сылын көрсө республикатааҕы «Көмүс дорҕоон кынаттанан» фестиваль‒конкурс кыайыылаахтарыгар, кыттааччыларга баҕарабыт:
Сарсыҥҥы эрэлгит сайда үүннүн,
Саргылаах олоххут тупса турдун,
Өрөгөй кэмҥит үрдээтин,
Кэрэ кэмҥит кэҥээтин!