Мин Мэҥэбин
Үс үөстээх Өлүөнэ
Үлүскэн сүүрүгэ
Кытылгын кууспахтыыр,
Кымыстыы кырылыыр.
Долгуйар Туймаада
Тамайар таһаата,
Эҥсэли хочото
Этэллэр: «Эҕэрдэ!»
Хос ырыата:
Мин Мэҥэ буолабын,
Манчаары сиэнэбин,
Мэҥэбил – мин төрдүм,
Төлкөлөөх түөрэҕим!
Мин кииммин түһэрбит,
Биһикпин ыйаабыт
Бу манна мин дойдум,
Олоҕум, мин дьолум.
Төрөөбүт түөлбэбин
Туохха да биэрбэппин,
Киэн тутта ааттыыбын-
Эн оҕоҥ буолабын!
Хос ырыата.
Үс саха үөскээбит,
Түөрт саха төрөөбүт,
Урааҥхай удьуора
Утумнаан ууһаабыт
Дойдубут, туругур,
Дьоһуннук сураҕыр,
Аар Баҕах сэргэҕэр
Тахсар күн сандаардын!
Лидия Адросова. 30.01.2019.
Төҥүлү, «Таммахтар».
Улуус билиҥҥи кыраныыссатынан Олунньу 10 к. 1930 с. Мэҥэ уонна Илин Хаҥалас улуустар холбоhууларыттан үөскээбитэ. Оройуоннааһын кэмигэр Мэҥэ улууһун Алтан нэһилиэгин аҥаара (Чаҥкычах аҕатын ууһа бүтүннүү, Улахан уонна Биэкэнэ аҕаларын ууһун сорох өттө) Амма оройуонугар бэриллибиттэрэ. Маны таһынан Аммаҕа Сатаҕай уонна Эмис нэһилиэктэрэ холбоммуттар. Оттон Мэлдьэхси, Бахсы уонна Алаҕар (Чыаппара) нэһилиэктэрин Чурапчы улууһугар холбообуттар. 2005 сылтан ыла олунньу 10 күнүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар киэҥник бэлиэтээн, улуус, республика сайдыытыгар сүдү кылааттаах, биллиилээх биир дойдулаахтарын чиэстиир, кинилэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйэр, ону тэҥэ үлэлии-хамсыы сылдьар дьону эҕэрдэлиир, саҥа объектары үлэҕэ киллэрэн, улуус олохтоохторугар бэлэх уунар үтүө үгэс олохтоммута.
Киэн тутта, махтана туойабын
Төрөөбүт — үөскээбит дойдубар,
Бу Мэҥэ — Хаҥалас сиригэр
Киэн тутта, махтана туойабын,
Алгыстаах тылларбын аныыбын.
Батталы утары туруммут
Манчаары дойдута буолаҕын,
Мөккүөргэ кыайтарбат кырдьыгын
Бигэтик үрдүктүк тутаҕын.
Ааспыттар эн үрдүк ааккынан
Иэдээннээх уу сута, уот кураан,
Ааспыттар буурҕаны ытыйан
Үрүҥнэр — кыһыллар кыргыһан…
Аан дойду олоҕун аймаабыт
Адьарай аймаҕын кыайбыппыт,
Эн оҕоҥ — бастакы Дьоруойбут,
Саханы ааттаппыт хотойбут.
Эйэлээх олоҕу барҕарда
Дьон — норуот үлэҕэ турбута,
Өйдүүбүт, үүт — сүөгэй далбарын
Үгүс да ыанньыксыт ылбытын!
Сылгыны көрүүгэ бастаабыт,
Көмүһү туһаҕа таһаарбыт,
Оҕуруот үүнүүтүн кыайбыттар —
Мэҥэттэн Үлэҕэ
Дьоруойдар!
Наука муҥутуур чыпчаалын
Бастакы дабайбыт эн уолуҥ
Биир тэҥҥэ төрөөбүт бу күҥҥэр
Эн ааккын сырдата ахтыллар.
Сылайбат сындааһын иҥиирдээх,
Кус быһый уһунньут сүүрүктээх,
Чаҕылҕан охсуулаах бөҕөстөөх,
Сытыы өй киирсиигэ кыайыылаах!
Тайҕаны нөҥүөлээн эн ньуургар
Гаас ситим турбата ууруллар,
Тимир суол ыллыга лыҥкыныыр,
Арҕааттан тус илин тыргыллар.
Мэҥэлэр хайабыт үрдүгэр
Тахсар күн сандаара чаҕыллар,
Сорсуйбат соргуну айабыт,
Кэнэҕэс кэлэри түстүүбүт.
Мэҥэлэр ааттарын ааттатан
Көлүөнэ ситимин салгыыбыт,
Туругур, үйэ — саас, улууһум —
Бу Мэҥэ — Хаҥалас, мин дойдум!
Лидия Андросова Олунньу 10 күнэ, 2020 сыл. Төҥүлү, «Таммахтар».