«Олоҥхо тыына тимиргэ уонна тааска олохсуйар»

Күрэх кыттыылаахтарын, оҥоһуктары уонна тэрээһин түмүгүн үөрүүлээх чааһын бу сигэлэринэн киирэн көрүөххүтүн сөп:

https://youtu.be/Tzgyy0OYcvI

https://youtu.be/3qysTM3lEwU

Балаҕан ыйын 5 күнүттэн 9 күнүгэр дылы Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Доллу сиригэр-уотугар, Арассыыйаҕа Норуоттар икки ардыларыгар Сомоҕолоһуу, Өрөспүүбүлүкэҕэ Култуура, Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Бэйэ оҥорон таһаарыы, нэһилиэккэ Эдэр ыччат сылларын  чэрчитинэн, «Төҥүлү нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата, «Эйгэ» култуура  киинэ  уонна кэккэ сылларга нэһилиэккэ «Мас тойуга» диэн мас уустарын икки ардыгар, маһынан, бетонунан скульптуралары оҥоруу күрэхтэрин тэрийэн ыыппыт, «Тимир болгуо кэрэ көстүү» — тимир уустарын күрэҕин, нэһилиэк тас көстүүтэ тупсарыгар үгүс кылаатын киллэрбит,   скульптура  “ДЭГЭТ УУС” тэрийээччитэ, төрүттээчччитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Төҥүлү нэһилиэгин «Бочуоттаах олохтооҕо», «Мэҥэ аат» хаһаайына, меценат, попечитель, Иван Иванович Борисов көҕүлээн Республиканскай бетонтан олоҥхо персонажтарынан «Олоҥхо оживает в бетоне и металле» скульптураҕа, художественнай ковканан хамсаат-хаачыал оҥоруутугар республикатааҕы масстардар күрэхтэрин ыыттылар. Скульптура күрэҕэр уопсайа  12  хамаанда кыттыыны ылла. Ол курдук:

  1. “Өҥөлдьө” хамаанда: Герасим Максимов, Дмитрий Максимов Ньурба улууһуттан
  2. “Майаҕатта” хамаанда: Владислав Бурцев, Елена Бурцева Уус Алдан улууһуттан
  3. “Дьөһөгөй” хамаанда: Василий Аргунов, Екатерина Степанова Нам улууһуттан
  4. “Отон” хамаанда: Алена Давыдова, Саарын Сайдам Балтаһыт уола
  5. “Көҥүл” хамаанда: Аркадий Михайлов, Николай Тырылгин Хаҥалас улууһуттан.
  6. “Дьулуур” хамаанда: Алквиад Атастыров, Василий Назаров Таатта улууһуттан
  7. “Макита” хамаанда: Роман Петухов, Аркадий Сивцев Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан
  8. Таатта 1 хамаандата: Петр Егоров, Афанасий Варфаламеев Таатта улууһуттан
  9. “Ай Кут” хамаанда: Анетта Григорьева, Мария Шардинова Дьокуускай куораттан
  10. “Эбээ оҕолоро” хамаанда: Анна Саввина, Семен Саввин Дьокуускай куораттан
  11. “Байанай” хамаанда: Валентин Константинов, Иннокентий Марков
  12. “Омун-төлөн” хамаанда: Архип Скрябин, Альберт Скрябин Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан

Тимиртэн хамсаат – хаачыал оҥоруутугар уопсайа 10 киһи кыттыыны ылла:

  1. Егор Петров (Сунтаар улууһа)
  2. Альберт Фомин (Амма улууһа)
  3. Саян Атастыров (Таатта улууһа)
  4. Алексей Апросимов (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)
  5. Мас Дьулуур Ньукулай уола (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)
  6. Рустам Юмшанов (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)
  7. Аркадий Сивцев (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)
  8. Роман Баишев (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)
  9. Василий Макаров (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)
  10. Устин Борисов (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)

Күрэҕи көрөн-истэн, сыаналаан дьүүллээтилэр:

  • Тэрийээччи, меценат, Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ – Иван Иванович Борисов;
  • Арассыыйа худуоһунньуктарын союһун чилиэнэ, скульптор – Николай Никитич Чоччасов;
  • Арассыыйа худуоһунньуктарын, уустарын союһун чилиэнэ – Николай Иосифович Михайлов;
  • Арассыыйа худуоһунньуктарын союһун чилиэнэ, ювелир, скульптор – Александр Владимирович Манжурьев;
  • Арассыыйа худуоһунньуктарын союһун чилиэнэ, косторез, скульптор – Егор Егорович Степанов;
  • СӨ норуотун маастара – Леонид Прокопьевич Говоров.

   Балаҕан ыйын 9 күнүгэр тэрээһин түмүгэ, кыайыылаахтары быһаарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Ыалдьыттары, күрэх кыттыылаахтарын Россия народнай үтүөлээх коллектива «Өркөн» народнай ансамбыл, салайааччы Алена Павлова, «Добун» народнай этнофольклорнай ансамбыл, салайааччы Россия үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Мария Сокольникова, А.С. Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолатын иһинэн үлэлиир «Ой дуораана» оҕо образцовай ырыа ансамбыла, салааччы Анна Петухова, ырыаһыттар Дмитрий Васильев, Дария Соловьева, Айсен Сокорутов кэнсиэринэн киэргэттилэр, сэргэхситтилэр.

    Тэрээһиҥҥэ “Мэҥэ Хаҥалас улууһа”  муниципальнай оройуон баһылыгын тутууга солбуйааччыта Василий Валерьевич Филиппов, “Төҥүлү нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыга Петр Васильевич Эврестов, СӨ култуураҕа уонна духовнай сайдыыга министрэ Афанасий Иванович Ноев,  СР спортка министрин I солбуйааччыта Гаврил Михайлович Мохначевскай, бу күрэҕи дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэ Иван Иванович Борисов, дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ: тимир ууһа Михаил Иосифович Михайлов, тимир ууһа Егор Егорович Степанов, Уус-Алдан улууһун  Бэрт Ууһун нэһилиэгин аҕа баһылыга – Илья Покопьевич Ильин кыттыыны ыллылар.

    Бу түһүлгэҕэ кыайыылаахтар ааттара ааттанна. Ол курдук, бетонтан скульптура оҥоруутугар:

1 миэстэ – “Көҥүл” хамаанда- Аркадий Михайлов, Николай Тырылгин – “Уот иччитэ” оҥоһук. Ханалас улууһа.

2 миэстэ – “Өҥөлдьө” хамаанда-Герасим Максимов, Дмитрий Максимов – «Ньургун Боотур» оҥоһук.

3 миэстэ – “Ай Кут” хамаанда – Анетта Григорьева, Мария Шардинова- «Абааһы кыыһа» оҥоһук.

   Тимиртэн хамсаат-хаачыал оҥоруутугар:

1миэстэ – Егор Петров (Сунтаар улууһа) «Мин лётчик буолуом» хаачыал.

2 миэстэ – Альберт фомин (Амма улууһа) «Оҕо саас» хаачыал.

3 миэстэ – Аркадий Сивцев (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа) «Ежик в тумане» хаачыал.

 Күрэххэ кыттыылаахтара бары туоһу сурук, сэмэй бэлэх туттулар. Уустар, маастардар сыралаах үлэлэрэ, оҥорбут оҥоһуктарын кэрэ көстүүлэрэ киһи эрэ хараҕын сылаанньытар, дьон сүрэҕин сүүйэр.

10.09.2026

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

➤