Олох хаамыытын кытта тэҥҥэ нэһилиэкпит культурата сайдан испитэ. Ликпуннар оскуолаларынан, ааҕар бала5аннар кулууптарынан уонна библиотекаларынан солбуллубуттара. Саҥа киноустановкалар, кинопередвижкалар баар буолбуттара. Республика5а бастакы колхознай театр биһиги улууспутугар 1936 сыллаахха тэриллибитэ. Онтон кэлин улуус нэһилиэктэригэр драмкуруһуоктар сыыйа тэриллэн, оччотоо5у эдэр да, эмэн да дьону бэйэлэрин тула түмпүттэрэ. Ол курдук Максим Горьскай колхозка Алексей Прокопьевич Максимов 2 сыллаах курска үөрэнэн режиссер идэтин ылбыта. Кини туруоруутугар “Мүлдьүрүүн Боотур” олоҥхону 1939 сыллаахха туруоран, Дьокуускайга гастроллаан, улахан ситиһиилэммиттэрэ. Оччотоо5уга Мүлдьүрүүн Боотур оруолун Михаил Барашков, Абааһы уолун-Дмитрий Максимов , Дьиэгэ-Баабаны-Дмитрий Стручков , Үчүгэйи-Марфа Стручкова, Сылгыһыты-Алексей Максимов, атын оруоллары бырааттыы Илья, Дмитрий, Кирилл Скрябиннар, Гаврил Максимов, Февронья Жиркова, Варвара Стручкова, Григорий Птицын, Михаил Стручков, Егор уонна Роман Верховцевтар ис дууһаларыттан оонньоон оччотоо5у көрөөччүлэр биһирэбиллэрин, куттарын-сүрдэрин туппуттарын туһунан күн бүгүнүгэр дылы уос номо5о оҥостон, астынан билиҥҥи көлүөнэ ыччаттарга кырдьа5астарбыт сэһэн оҥостон кэпсииллэр. Кэлин 50-сыллардаахха Доллуга Алексей Леонтьевич Попов режиссердаан туруорбут Тимофей Сметанин “Лоокуут уонна Ньургуһун” драматыгар Лоокууту-Алексей Попов, Ньургуһуну, Мөлчөһү- Егор Верховцев, Нуннууру-Татьяна Стручкова, Мардьааһайы- Семен Кандинскай о.д.а. ситиһиилээхтик толорбуттара. Анемподист Софронов “Таптал” диэн пьесатыгар Кэтириис оруолун Татьяна Стручкова итэ5этиилээхтик , ис иһиттэн иэйэн-куойан толорбута, онноо5ор оччотоо5у о5олорга өйдөрүгэр-санааларыгар хаалан үтүө өйдөбүл буола сылдьар. 50 сыллар са5аланыыларыгар Төҥүлүгэ кулууп дьиэтэ диэн суо5а. Арай Хаба алааһын халдьаайытыгар турар икки сал5ааһыннаах дьиэни кулууп оҥостон ыччаттар мунньахтарга, лекцияларга, киинэ5э уонна суббота5а үҥкүүгэ түмсэллэрэ. Куораттан театр артыыстара та5ыстахтарына оскуола актовай саалатыгар спектакль, концерт көрдөрөллөрө. Мин өйдүүрбүнэн МТС-ка уонна оскуола5а эдэр үлэһиттэр бааллара. МТС үлэһитэ Свинобоев Прохор наһаа үчүгэйдик көрдөөх ырыалары ыллыыра. Оскуолаттан Иннокентий Гаврильевич Попов баяҥҥа, Иван Иннокентьевич Олесов аккордиоҥҥа, Докторов Коля гармошка5а бэркэ оонньууллара. Эдэр учууталлар сыана5а үҥкүлүүллэрэ. Оччолорго бөһүөлэк кэнсиэригэр учууталлары кытта 9-10 кылаас о5олоро кытталлара. Дуся Копылова, Дуня Пестрякова, ыллыыллара, Маргарита Неустроева, Еля Крылова хоһоон аа5аллара. Уолаттартан Егор Белолюбскай, Юрий Колесов, Петр Кычкин, Аня Иванова, Дуся Копылова гимнастическай (акробатическай) нүөмэрдэри толороллоро. Урукку ыччаттар балалайканан, гармошканан үҥкүүлүүрбүт, маассабай оонньуулары: иккилии буолан сиэттиһэн, сиэттиспит илиилэрбитин өрө уунан шахта оҥорорбут уонна уопсай ырыа арааһын ыллыырбыт, харах симсэрбит, былаатынан оройго охсон миэстэ былдьаһарбыт уонна биһилэх кутуутун курдук оонньуулары дуоһуйа оонньуурбут. Үгэс буолбут культура эстафетата 1956 сыллаахха ЫБСЛКС райкомун уонна Мэҥэ — Хаҥалас оройуонунаа5ы народнай депутаттар советтарын культура5а отдела тэрийиитинэн бөһүөлэктэр икки ардыларыгар уус-уран самодеятельностка, норуот айар быыстапкатыгар уонна спорт көрүҥнэригэр күрэхтэһиилэр ыытыллар буолбуттара. Онтон ыла культура эстафетата сыл аайы ыытыллар. Төҥүлү эбэ Мэҥэ-Хаҥалас улууһун биир кэрэ миэстэтэ, Максим Горькай колхоз,совхоз кэлин агрофирма киининэн буолбута. Манна билигин икки аҥар тыһыынча кэриҥэ киһи олорор. 400 тахса үөрэнээччилээх орто оскуола, икки этээстээх саҥа таас балыыһа, 4№-дээх профлицей, сельпо, музыкальнай оскуола, икки детсад, почта,аптека, культура дьиэтэ , сельскэй библиотека, СХПК ”Хоту” уонна да атын госучереждениялар бааллар.
Хотун Төҥүлү-искусство5а, культура5а дууһаларын биэрбит үгүс биллэр-көстөр дьоннорунан киэн туттар. Ол курдук ССРС народнай артиһа Дмитрий Федорович Ходулов, бастакы театровед Дмитрий Кузьмич Максимов, РСФСР үтүөлээх хормейстра Февронья Алексеевна Баишева, Саха республикатын үтүөлээх балерината Клавдия Алексеевна Иванова, драмартист Константин Дмитриевич Борисов, СР опера5а бастакы режиссера Иван Иванович Кандинскай, СР үтүөлээх артиһа Степан Николаевич Сивцев-Доллу, Саха музыкальнай театрын хормейстра Октябрина Семеновна Птицына, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Алексей Леонтьевич Попов, поэтесса Марфа Петровна Куличкина, мелодистар СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Галина Никитична Шахурдина, РСФСР профтех үөрэхтээһинин туйгуна Василий Семенович Трифонов, Николай Николаевич Сорокин ааттарынан киэн туттабыт.
Төҥүлүгэ культура дьиэтэ 1963 сыллаахха тутуллан үлэ5э киирбитэ. Онтон ылата нэһилиэккэ уус-уран самодеятельность сайдыыта улууска биллэр-көстөр миэстэни ылар буолбута. Уус-уран самодеятельность концертарыгар хоровой, үҥкүү, драмколлективтар, фольклорнай коллективтар, биирдиилээн ырыаһыттар үрдүк таһымнаахтык кыттар буолбуттара. Онуоха араас кэмнэргэ үлэлээн ааспыт Культура дьиэтин директордарыгар Марфа Петровна Куличкина5а, Марфа Гаврильевна Стручкова5а, Илья Гаврильевич Баишевка, Василий Устинович Борисовка, Николай Дмитриевич Фадеевка, Тамара Романовна Афанасьева5а, Саргылаана Михайловна Свинобоева5а, Ангелина Васильевна Христофорова5а, Николай Николаевич Сорокиҥҥа махталбытын аныыбыт.
Биһиги Төнүлүгэ 1969 сыллаахха көһөн кэлбиппит. Василий Денисович Культура дьиэтигэр баяниһынан уонна духовой оркестр салайааччытынан ананан үлэлээбитэ. Мин Төҥүлү орто оскуолатын начальнай кылааһыгар учууталынан төрөөбүт дойдубар бочуоттаах сынньалаҥҥа барыахпар диэри 42 сыл үлэлээбитим. Общественнай нагрузка быһыытынан, методхолбоһук салайааччытынан 35 сыл, оскуола профкомун председателинэн 28 сыл, нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин председателинэн 30-тан тахса сыл барытын бииргэ күрдьэн сылдьыбытым. Ону таһынан киэһээҥҥи сынньалаҥҥа кулуупка нэһилиэк уус-уран самодеятельноһын салайааччытынан, тэрийээччитинэн 2005 сылга диэри үлэлэһэн кэлбитим.
60-70 сылларга Төҥүлүгэ режиссер уонна толорооччу быһыытынан Илья Гаврильевич Баишев ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Кини туруоруутугар Суорун Омолоон “Күкүр уус ”, Степан Ефремов “ Ини-бии” , “Лэкиэс” диэн пьесалара туруоруллубуттара. Манна ордук ситиһиилээхтик Илья Баишев, Мария Баишева, Алексей Андросов, Илья Сотников, Василий Борисов, Семен Петров, Егор Белолюбскай, Эстафета Стручкова, Светлана Жиркова оонньообуттара. Степан Ефремов “Өстөөхтөр” диэн пьесатын туруоран уонна бэйэтэ оонньоон ыһылыннаран турда5ына, киһи куйахата күүрэр, этэ тымныйар гына онньуура Марфа Гаврильевна Стручкова.
70 сыллар бүтүүлэригэр, 80 сыллар са5аланыыларыгар үрдүк үөрэхтээх культура үлэһитэ Тамара Романовна Афанасьева Мария Обутова “Күөрэгэй” пьесатын туруорбута. Күөрэгэй оруолун Матрена Егоровна Федорова, Эллэй оруолун Илья Михайлович Сотников олус үчүгэйдик толорбуттара. Тамара Романовна кэлиэ5иттэн дириҥ ис хоһоонноох концерт сценарийдара суруллаллара. Бэйэтэ наһаа үчүгэй дикциялаа5а, хоһооннору киһи истэ олоруо5ун курдук аа5ара. Үтүө, талааннаах үлэһити биһиэхэ уһуннук үлэлэппэтэхтэрэ, оройуон киинигэр Майа5а Культура дьиэтигэр ылбыттара. Күн бүгүн Тамара Романовна айымньылаахтык үлэлии сылдьарынан киэн туттабын, астынабын. Төҥүлүлэргэ көмөтүн, сүбэтин-аматын у5арыппат, тус бэйэм киниэхэ муҥура суох махтанабын, үлэтигэр үрдүк ситиһиилэри ба5арабын.
Үтүө үгэһи сал5ааччыларынан Татьяна Гаврильевна Игнатьева салайаачылаах драмкружок ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Кини туруоруутугар Эрилик Эристиин “Суорума соруктаммыт”, Т. Сметанин “Лоокуут уонна Ньургуһун” драмалара, “Кийиит” пьесаны, сценкалары туруорбута. Т. Г. Игнатьева – чахчы талааннаах туруорааччы режиссер,бэйэтэ талааннаах актер быһыытынан нэһилиэнньэ5э биллибитэ. Ордук табыллан уонна ба5аран туран Мусьяна Сидорова (Попова), Анастасия Шарина, Федот Жирков, Алексей Баишев, Егор Жирков драмкуруһуокка дьарыктаммыттара.
Кинилэр туруорууларыгар сцена музыкальнай оформлениета, декорациялара, реквизиттэрэ, оонньооччулар гримнэрэ, көстүүмнэрэ барыта элбэх фантазияны, үлэни эрэйэрин кыттааччылар бука бары өйдөөн, үөрэ-көтө ылсаллара, ол түмүгэр оонньуулара сэргэх, интэриэһинэй, көрөөччүнү кэрэхсэтэр уоттаах-күөстээх, тыастаах-уустаах буолаллара. Т.Г. Игнатьева- чахчы талааннаах туруорааччы режиссер, бэйэтэ талааннаах актер быһыытынан нэһилиэнньэ5э биллибитэ. Билигин Алараа Бэстээххэ культура5а үлэлиир.
Төҥүлүгэ 3-4 куолаһынан ыллыыр хоровой коллективы аан бастаан Виктор Иванович Никаноров тэрийбитэ. 1974 сылтан ылата хору о5о музыкальнай оскуолатын директора СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Галина Иннокентьевна Варламова 40 сыл айымньылаахтык салайан үлэлии сылдьар. Хор бэйэтин тула 40-чэ араас идэлээх дьону түмэр. Хоровой коллектив күн бүгүнүгэр диэри Россия5а, республика5а ыытыллар фестивалларга, көрүү конкурстарга ситиһиилээхтик кыттар, “народнай хор” диэн үрдүк ааты үрдүктүк тутан ыллыы-туойа сылдьар. Хор тэриллиэ5иттэн уһуннук ыллаабыттара уонна ыллыы сылдьаллар Николай Фадеев, Дмитрий Скрябин, Виктор Сотников, Михаил Романович Стручков, Анатолий Антонович Баишев, Михаил Александрович Стручков, Прокопий Никонович Харитонов, Алексей Марков,Василий Васильев, Исак Катакинов, Петр, Валерий Громовтар, Иван Лонгинов, Григорий Шарин, Анатолий Барашков, Петр Иванов, Рудольф Михайлов, Андрей Стручков, Ефим Стручков, Алексей Заровняев, Николай Заровняев, Николай Оконешников, Федор Шарин, Вера Сотникова,Венера Васильева (Скрябина), Светлана Катакинова, Светлана Туприна (Баишева), Нина Капитонова, Роза Сектяева, Марфа Харитонова (Стручкова), Роза Сотникова, Елизавета Яковлева, Валерия Михайлова, Вера Баишева, Анна Афонская, Любовь Березкина, Екатерина Петрова, Зинаида Бурцева, Дария Кычкина, Галина Шарина, Александра Цыпандина, Альбина Находкина уо.д.а. Народнай хор ырыаны оло5ун аргыһа оностон, өссө да5аны уһун кэмнэргэ дьонун-сэргэтин үөрдэ, астыннара туруо5а диэн эрэнэбин.
1975 сыллаахха “Туйаара” диэн дьахталлар вокальнай ансамблларын
Г.И.Варламова тэрийбитэ. Ансамбль тэриллиэ5иттэн ылата араас конкурстарга, фестивалларга кытынна. 1977 сыллаахха Магадан куоракка Бүтүн Союзтаа5ы тыа сирин уус-уран самодеятельноһын көрүү фестивалыгар кыттан лауреат үрдүк аатын ылбыта. Ансамбльга Светлана Катакинова, Светлана Туприна (Баишева), Альбина Андреева, Валерия Мохначевская, Вера Сотникова, Галина Варламова, Венера Васильева (Скрябина), Анастасия Васильева, Улита Гаврильева ыллаабыттара, аккомпаниаторынан Василий Денисович Васильев сылдьыбыта. 1978 сыллаахха ансамбль Комсомольск-на-Амуре, Улан-Удэ СР профсоюзтарын уус-уран самодеятельноһын концертнай программатыгар киирэн гастрольга сылдьыспыта. Ансамбль саҥа састаабынан билигин да ситиһиилээхтик ыллыы сылдьар.
Культура эстафетата тэриллибитэ 60 сылыттан тус бэйэм 50-ча сыл тэрийсэн, кыттан кэллим. 1980 сыллаахха Улуу В.И. Ленин 110 сааһын бэлиэтиир юбилейнай эстафета5а нэһилиэк самодеятельнаһа оройуон киинигэр 120 киһинэн кыттыбыта. Бу концертка үс көрүөнэ хоровой коллектива (о5олор хордара, орто көрүөнэ уонна ветераннар хордара) кыттыбыта. Концерт финалыгар бу үс көлүөнэ своднай хора Күннүк Уурастыырап тылыгар Марк Жирков музыкатыгар “Ленин туһунан ырыаны” өрө күүрүүлээхтик толорон лауреат аатын ылбыта. Ветераннар хордарыгар Фекла Романовна, Георгий Гаврильевая Игнатьевтар, Алексей Николаевич Березкин, Прасковья Семеновна Романова, Мария Дмитриевна Киренская, Дария Андреевна Струскова, Мария Семеновна Афанасьева,Мария Федоровна Стручкова, Ксения Алексеевна Харитонова, Роза Семеновна Брызгалова, Варвара Христофоровна Киренская, Роза Спиридоновна Кычкина, Варвара Михайловна Ноговицына, Варвара Александровна Яковлева көх-нэм буолан дьону түмэргэ көмөлөһөллөрө. Хор үйэ чиэппэриттэн ордук кэм ыллаата. Күн бүгүн активнайдык Мария Алексеевна Плотникова, Александра Павловна Савельева, Варвара Иннокентьевна Стручкова, Анна Яковлевна Баишева, Ксения Семеновна Шарина, Елена Егоровна Романова, Александра Константиновна Трифонова, Варвара Александровна Яковлева, Тамара Семеновна Говорова, Клара Спиридоновна Стручкова, Клавдия Антоновна Петрова, Мария Прокопьевна Стручкова, Екатерина Семеновна Попова, Надежда Пантлеймоновна, Галина Романовна Стручкова, Баишева, Екатерина Дмитриевна Иванова, Валентина Борисовна Скрябина, Елена Иннокентьевна Новгородова, Роза Трофимовна Анисимова, Зинаида Михайловна Бурцева, Анна Егоровна Баишева, Анна Андреевна Баишева, Екатерина Васильевна Михайлова, Галина Егоровна Стручкова, Василий Семенович Трифонов, Егор Никитич Жирков, Василий Никифорович Протодьяконов, Василий Иннокентьевич Барабанскай, Иннокентий Иннокентьевич Цыпандин, Афанасий Петрович Попов, Дмитрий Дмитриевич Стручков уо.д.а. ыллыыллар. Сыл аайы ыытыллар ветераннар уус-уран самодеятельностарын көрүүгэ активнайдык кытталлар.
4№-дээх профтехлицей дьахталларын «Ньургуһун» ансамбылларын Василий Денисович тэрийбитэ. Ансамбль республика араас көрүү конкурстарыгар кыттан лауреат уонна дипломант буолуталаабыта. Ансамбльга Екатерина Семеновна Попова, Галина Романовна Струскова, Валентина Борисовна Скрябина, Валерия Егоровна Мохначевская, Екатерина Дмитриевна Иванова, Клара Спиридоновна Стручкова, Валентина Владимировна Цыпандина ыллаабыттара.
Республика5а тиийэ биллибит 100-тэн тахса ырыа ааптара, сцена ветерана мелодист Василий Семенович Трифонов 1953 сылтан самодеятельностка кыттар онтон ылата 62 сыл ааста, төһөлөөх ырыаны ыллаан, төһөлөөх айаны айаннаан билигин эдэр бэйэтэ сааһыран, будьурхай хойуу батта5а кыырыктыйан “о5онньор буоллум” диэн сиэннэрин көрөн, улахан дьиэ кэргэн а5ата, эһэтэ буолан олорор. Василий Семенович Төҥүлү кулуубугар баяниһынан үлэлээбитэ, элбэх концертарга бэйэтин ырыатын ыллаан лауреат , дипломант буолбута. Уһуннук 4№-дээх профтехлицейгэ баяниһынан үлэлээбитэ, “Сардаана” ырыа-үҥкүү ансамблын тэрийэн үлэлэппитэ. Ансамбль Бүтүн Россиятаа5ы самодеятельнай коллективтары көрүү үс төгүллээх лауреата. 1964 сылтан ырыа суруйуутугар холоммута, уонна республикатаа5ы, оройуоннаа5ы норуот айымньытын дьиэтигэр 100 -чэкэ ырыаны туттарбыта. Кини ырыалара Дьокуускайдаа5ы радио фондатыгар бааллар. Кини айбыт ырыаларыттан норуот таптаан ыллыыр ырыалара Петр Тобуруокап “Үс дьүөгэлии кыргыттар”, Марфа Куличкина тылыгар “Туйаарымам эн буоллун”, “Аттыгар олорон ”, “Ону хаһан этиэҥий”, бэйэтин тылыгар “Төҥүлү ыччата” уо.д.а. ырыалар Василий Семенович оройуон, республика хас да төгүллээх лауреата, дипломана, РСФСР, Саха Республикатын профтех үөрэхтээһинин ветерана уонна туйгуна.
Самодеятельнай композитор Галина Никитична Шахурдина – Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ. Кини Төҥүлүгэ төрөөбүтэ, улаатпыта, үөрэммитэ. Төҥүлүтээ5и Культура дьиэтигэр баяниһынан, 4№-дээх профтех училище5а худругунан үлэлээбитэ. Кини ордук ыччат дьон куттарын тутар, нарын иэйилээх ырыаларынан республика5а киэҥник биллэр. Галина ханнык ба5арар сцена5а арахсыбат аргыһын баяны тутан ыллыы та5ыста5ына, мэлдьи итиитик көрсүллэр мелодист-ырыаһыт. Кини айар ыччат республикатаа5ы 1980 сыл бастыҥ дебюта премия лауреата, айар үлэ5э ситиһиилэрин иһин НХСБ үрүн көмүс медалынан, ыччаттар ортолоругар айар үлэ5э үрдүк ситиһиилэрин иһин комсомол КК почетнай грамотатынан, анал знагынан на5араадаламмыта. Ити на5араадалар кини айар үлэтин дьон-сэргэ сэҥээриилэрин, биһирэбиллэрин ылар туоһутунан буолбуттара. Галина сорох түгэннэргэ ырыа тылын бэйэтэ айан ыллыыр.
Галина Никитична республика бары оройуоннарыгар араас делегациялар састааптарыгар киирэн, бэйэтин айар үлэтин көрөөччүлэр иннилэригэр таһааран, үгүстүк дьон биһирэбилин ылбыта. Кини ырыата Москва5а, Владивостокка, Хабаровскайга, Фрунзе5а уонна кыраныысса таьыгар кытта дьиэрэйбитэ. Ол курдук биһиги бары уоспутуттан түһэрбэккэ ыллыыр ырыаларбытын: Марфа Куличкина тылларыгар “ Эппэккэ хаалбыппын”, “ Таптыыбын эйиигин”, “ Алгыс ырыата”, Н.Харлрмпьева тылларыгар “Сүрэ5им сэрэйиэ”, “ Эдэр сааһым-комсомол”,П.Акимов тылыгар “Эрии ветераннара”, бэйэтин тылыгар “До5орбор”, “Ааспыты санатыма”, “Көрсүстүбүт эн биһи”, “Дьүөгэлэрим, кыргыттарым”, тапталлаах ийэтигэр, педагогическай үлэ ветераныгар Мария Федоровна5а анаан “Ийэбэр” уо.д.а. ырыалары айбыта. Галина Никитична Дьокуускайдаа5ы 4№-дээх профтехучилище5а 11 сыл худругунан уонна эстетика предметин преподавателинан үлэлээбитэ. Аркадий Михайлович Алексеев группатыгар 4 сыл ырыаһытынан, онтон кэлин эстрада5а солистканан, Антон Иванов “Добун” студиятыгар ырыаһытынан үлэлиир.
Галина Никитична билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор да, айаннаан ыллыы-туойа, айар үлэ үгэнигэр сылдьар. Биһигини өссө да саҥаттан саҥа, иэйиилээх ырыаларынан үөрдэ туруо диэн эрэнэбит. Балтыбар Галина5а чэгиэн доруобуйаны, дьиэ кэргэттэргэр, дьолу-саргыны, өссө да айа-тута, ыллыы-туойа сырыт диэн алгыыбын.
Нэһилиэк уус-уран самодеятельноһыгар бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрбит ыарыаһыт убайбытын Николай Дмитриевич Фадеевы, талааннаах ырыаһыты Дмитрий Ильич Скрябин ааттарын махтанан туран ааттыыбын. Николай Дмитриевич 1975-81с.с. Культура дьиэтин директорынан, 1982-84с.с. оформитель-художнигынан үлэлээбитэ. Кини самодеятельноска 1956 сылтан кыттыбыта. Киэҥ диапазоннаах, күүстээх куоластаах ырыаһыт буолан республика, оройуон фествалларын хас да төгүллээх лауреата, дипломана. Төнүлүтээ5и народнай хор солбуллубат солиһа. Николай Дмитриевич сцена5а та5ыста5ына дохсун ытыс тыаһынан э5эрдэлээччилэр. Убайбыт ыллаан доллоһутта5ына дууһаны манньытар, сүрэххэр иҥмит истиҥ-иһирэх санаа5ын сайа аһар, этин сааһынан көмүс сүүмэхтии куталлар курдук буолара кини модун куолаһын дьүрүһүйүүтэ. Николай Дмитриевич ыллыырын таһынан уус-мындыр илиилээх художник этэ. Кини суруйбут плакаттара, уруһуйдаабыт паннолара, араас дьэрэкээн киэргэллээх, тус-туһунан суолталаах, ааттаах-суоллаах сэргэлэрэ күн бүгүн аатын ааттата тураллар.
Биир күүстээх куоластаах ырыаһыппыт Дмитрий Ильич Скрябин эдэр сааһыгар ыарахан ыарыыга ыалдьан орто дойду оло5уттан арахсыбыта. «Ыллыыр Дмитрий Скрябин»,- диэн конферансье биллэрдэ5инэ саала5а ытыс тыаһа хабылла түһэрин кытта Дима үөрбүтүнэн, сцена5а чиҥ-чиҥник үктэнэн киирэн кэлэрэ. Кини киэҥ диапозоннаах бас куоластаах этэ. Ордук табыллан нуучча народнай ырыаларын “Эй, ухнем!”, “Вдоль по Питерской”, Грант Григорян “Сахам сирэ барахсан”, Комраков музыкатыгар “Улуу Ленини уруйдуубут”, Туликов музакытыгар “Родина” ырыаларын толлордо5уна саала5а көрөөчүлэр “Бис!”- диэн хаһыынан көрсөллөрө. Дима ырыаһыт быһыытынан айыл5аттан талааннаа5а, күөмэйэ бүтэн дуу, тыына тиийбэккэ дуу “бөтүүктээбитин” өйдөөбөппүн. 1976 сыллаахха Төҥүлү ырыаһыт уонна үнкүүһүт уолаттарын, “Туйаара” вокальнай ансамбылы кытта илдьэ Сунтаарга гастроллаан кэлбит түгэннээх этибит. Олус да бэркэ сылдьан кэлбиппит. Дима көрүдьүөс кэпсээннэрин истэн суол уһунун да билбэтэхпит. Кини бу бүтэһик гастрольга сылдьыыта этэ. Дима ырыатын билигин да кулгаахпар истэр курдукпун. Үтүө киьи өйдөбүлэ үйэлэр тухары өлбөөдүйүө, сүрэхтэн сүтүө суо5а.
Татьяна Александровна Стручкова 1974-81с.с. Төҥүлү Советын председателинэн үлэлээн нэһилиэнньэ биир ытыктыыр киһитинэн буолбута. 1981-86с.с. кини М.Горькай совхоз Нуора5анатаа5ы отделениетын управляющайынан үлэлээбитэ.
Кини үлэлиир кэмигэр дьон үлэтигэр эрэ буолбакка оло5ор-дьаһа5ар эмиэ кыһаллар этэ. Ол курдук Төҥүлүгэ дьааһыла-сад, олохтоох балыыһа5а родильнай отделение, физиотеропия, детскэй отделениялар уонна амбулатория аһыллан үлэ5э киирбитэ. А5а дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар анаан 1975 сыллаахха Төҥүлүгэ монумент туттарбыта.
Татьяна Александровна – айыл5аттан талааннаах киһи. Кини төһө да5аны улахан сцена5а тахсан профессиональнай ырыаһыт буолбата5ын иһин бу оло5ун аҥара искусство5а бэриллибитэ сыыһа буолбата5а буолуо.
Дьокуускайдаа5ы сельхозтехникумҥа үөрэнэ сылдьан куорат культурнай мероприятияларыгар активнайдык кыттара. Ол курдук Саха Автономията үөскээбитэ 30сылыгар аналлаах улахан правительственнай концертка Бэрт Хара тылыгар “Ол түүн” ырыаны толорбута. Республика уус-уран самодеятельноһын бастакы фестивалыгар “Стрекоза” диэн киинэттэн Стрекоза партиятын ыллаан лауреат үрдүк аатын ылбыта.
Культура эстафетатыгар ыллаан лауреат, дипломант аатын ылара. Бэйэтин ча5ылхай талаанын о5олоругар, сиэннэригэр биэрэн музыка, ырыа, үнкүү кэрэ абылаҥар иитэн таһаарбыта. О5олоруттан үс культура үлэтигэр быһаччы сыһыаннаах дьон: Михаил Михайлович Стручков профессиональнай үнкүүһүт, Николай Николаевич республика5а биллэр мелодист Василий Николаевич талааннаах үҥкүүһүт, “Туллукчаан” о5о обрацовай үҥкүү коллективын тэрийбитэ.
Татьяна Александровна убайын уола Михаил Михайлович 1971 сыллаахха орто оскуоланы бүтэрбитэ. Дьабыылга комсомол путевкатынан рабочайынан үлэлии барбыта. Дьабыыл нэһилиэгин ыччаттарын кытта культура эстафетатыгар үҥкүүлээн тэйэрэ. Мишаны таба көрөн оройуон үҥкүүһүттэрин сборнай састаабыгар киллэрэн үҥкүүлэппиттэрэ. Үҥкүү коллектива 1972-73 с.с. Иркутскайга ыытыллыбыт Бүтүн Россиятаа5ы уус-уран самодеятельность көрүүтүн лауреата буолбута. 1974-76 с.с. Бүтүн Союзтаа5ы уус-уран самодеятельность көрүүтүн лауреата буолан үҥкүү коллектива Москва5а Сьездтэр Дыбарыастарыгар түмүк концертка кыттар чиэскэ тиксибитэ. 1976 с. Культпросвет училище хореография салаатын үөрэнэн бүтэрбитэ. Кини 1978 с. Камчаткатаа5ы областной филармония ыҥырыытынан “Мэнго” диэн корякскай национальнай үҥкүү ансамблыгар профециональной үҥкүүһүт буолбута. Ансамбль Россия элбэх куораттарынан, Союз бары республикаларынан, араас тас дойдуларынан гастролларга сылдьыспыта. Михаил Михайлович 1980 с. Москва5а буолбут олимпиада, 1984 с. Италия5а ыытыллыбыт Бүтүн аан дойдутаа5ы искусство маастардарын 14-с фестивалыгар, 1986 с. Москва5а ыытыллыбыт Аан дойдутаа5ы маҥнайгы “Игры доброй воли” культурнай программаларыгар кыттыбыта. Кини Москватаа5ы культура государственнай институтун хореография салаатын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ. Дойдутугар Төҥүлүгэ кэлэн 4№-дээх профтех училище5а үҥкүү куруһуогун, онтон 1991 сылтан “Туллукчаан” о5о обрацовай үҥкүү ансамблын репетиторынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ансамбль улахан ситиһиитинэн 1993 с. “Де Бирс” диэн аан дойду алмааһын тутар фирма ыҥырыытынан балтараа ый устата Англия, Шотландия, Уэльс устун гастрольга сылдьыбыта буолар. Михаил Михайлович СР культуратын туйгуна, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, культура дьиэтин народнай хоругар, “Алгыс” народнай үҥкүү ансамблыгар дьарыктанар.
Николай Николаевич Сорокин оскуола5а үөрэнэр сылларыгар ырыаһыт уонна ырыа5а мелодия суруйар дьо5ура аһыллыбыта. Кини бастакы “Ымыыбар”, “Кыыһырбаппын” ырыаларын дьиэ кэргэнэ билиҥҥэ диэри сөбүлээн ыллыыр. 8-с кылаас кэнниттэн Төҥүлүтээ5и 4№-дээх профтех училище5а үөрэнэ сылдьан, мелодист Галина Шахурдина иитиллээччитэ буолан, сахалыы ырыа кэрэ эйгэтигэр тардыһыыта, бэйэтин күүһүн мелодия айыытыгар холонуута өссө күүһүрбүтэ. Мелодист быһыытынан республика5а, оройуоҥҥа ыытыллар көрүү конкурстарга ситиһиилээхтик кыттара. Төҥүлү кулуубугар директордыы, баяниһынан үлэлии сылдьыбыта. Коля туспа суоллаах-иистээх, дьо5урдаах мелодист быһыытынан эрэ буолбакка бэйэтин ырыаларын толорон ырыаһыт быһыытынан биллибитэ. Коля биһиги биир дойдулаахпыт поэтесса Марфа Куличкина тыыннаа5ар айар үлэтигэ улахан көмөнү оҥорбута, киниэхэ эрэллээх тирэх буолбута. Ол иһин кини ырыаларын мелодията Марфа Куличкина хоһоонноругар суруллубута. “Туйаара” вокальнай ансамбль, Галина уонна Федор Шариннар “Сүгүрүйэ таптыыбын”, “Ырыа уонна сибэкким”, “Хомусчут кыыска”, “Үрүн түүн ” уо.д.а. ырыаларын ыллыыллар. Николай Николаевич ыарахан ыарыыга ыалдьан эдэр сааһыгар олохтон туораабыта.
Кини бэйэтэ ыллыыр эрэ буолбакка төрөппүт о5олорун ырыа5а умсугутан үөрэтэрэ-такайара. Кыыһа Варя кыра эрдэ5иттэн ыллаан бар дьонун үөрдүбүтэ. Уола Вася- Айгылаан эстрада ырыаһыта буолан ата5ар бигэтик турда. Оскуола сааһыттан убайа Василий Николаевич тэрийбит “Туллукчаан” о5о образцовай үҥкүү ансамблын солиһын быһыытынан биллибитэ. А5атын ырыатын өрө көтө5үллэн туран ыллыыр, бэйэтэ мелодия айан барыбытын үөрдэр. Үҥкүүһүт буолан ырыатын имигэстик, чэпчэкитик хамсанан толороро маастарыстыбата үрдүгүн туоһулуур. Вася а5атын туйа5ын хатаран өссө да элбэх саҥа ырыалары айан барыбытын үөрдэ туруо5а диэн эрэнэбит.
Галина Иннокентьевна уонна Федор Иннокентьевич Шариннар уус-уран самодеятельность активнай кыттыылаахтара. Галина Иннокентьевна оскуола директорынан 20 сыл үлэлээтэ, Федор Иннокентьевич математика уонна информатика учууталынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар. Федор СГУ-га үөрэнэр сылларыгар “Сэргэлээх уоттара” диэн ансамблга дьарыктаммыта. 1976 с. Латвия киинигэр Рига5а Бүтүн Союзтаа5ы ырыа конкурсугар Аркадий Алексеев мелодиятыгар “Саха үҥкүүтэ” диэн ырыаны толорон лауреат үрдүк аатын сүкпүтэ. Кини ыллыырын таһынан 1972 с. “Сарыал” үҥкүү ансамблын кыттыылаа5а буолан, үгүс гастролларга сылдьара. 1976 с. Магадан куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Союзтаа5ы көрүү фестивалыгар кыттан лауреат аатын ылбыта.
Федор Галинатынаан оскуола5а үөрэнэр сылларыттан иккиэн дуэтынан ыллыыллара. Ол билигин да5аны сал5анан араас конкурстарга, фестивалларга, культура эстафетатыгар кыттан лауреат уонна дипломант аатын ылаллар. Эдэр көлүөнэ ырыаһыттарга холобур буолаллар.
Урут уонна билигин ыллыы сылдьар сцена ветерана ырыаһыттарга Исак Катакиновка, Андрей Стручковка, Ефим Стручковка, Анатолий Барашковка, Михаил Стручковка, Любовь Березкина5а, Венера Скрябина5а, Екатерина Попова5а, Надежда Баишева5а, Нина Капитонова5а уо.д.а. махталым улахан.
Культура дьиэтигэр 50-70 сылларга нэһилиэктэр кулууптарыгар идэтийбит үөрэхтээх хореограф диэн суо5а. Эстафета бастакы 20 сылларыгар оройуон кииниттэн командировкаланан тахсан үҥкүү үөрэтэн бараллара. Мин билэрбинэн Альберт Петров уонна Николай Дмитриев а5ыйах хонукка 2-3 үҥкүүнү туруоран үөрэтэн бараллара. Кэнники сылларга культпросвет училище хореография салаатын үөрэнэн бүтэрбит о5олор үлэлии кэлэллэрэ. Ол курдук Варвара Харитонова, Парасковья Борисова, Лариса Габышева уһун кэмҥэ үлэлээбиттэрэ. Оскуола учууталлара Михаил Михайлович Стручков, Василий Николаевич Сорокин, музыкальнай оскуола хореография кылааһын учуутала Марина Алексеевна Борисова үлэлэрин таһынан общественнай нагрузка быһыытынан ыччаттары үөрэтэллэрэ.
70-с сылларга мин курдук, анал үөрэ5э суох киһи, үҥкүүлээбит эрэ үҥкүүлэрбин төһө кыалларынан туруоран, үөрэтэ сатыырым. Ол курдук Сергей Зверев “Оһуорун”, “Сайылыгын”, “Батыйа үҥкүүтүн” , ыччат, молдавскай, бурятскай үҥкүүлэри үөрэтэн эстафета5а кыттарбыт. 70-с . сылларга эстафета5а кэккэ сылларга үҥкүүлүү сылдьыбыттара: Прасковья Борисова, Анастасия Скрябина, Матрена Борисова, Мария Полякова, Анна Шестакова, Елизавета Павлова Анатолий Баишев, Константин Скрябин, Михаил Романович Стручков, Никита Борисов, Прокопий Харитонов, Семен Пестерев, Владимир Попов, Михаил Романов, о.д.а. Ити сыллардаа5ы үҥкүүһүттэр үҥкүүлэрин бырахпакка күн бүгүн “Алгыс” народнай үҥкүү коллективыгар үҥкүүлүү сылдьалларыттан астынабын. Ансамблы СР үө5эриитин туйгуна Марина Алексеевна Борисова салайар. Ансамбль элбэх көрүү конкурстарга кыттар. 60-лаах уонна 60-рын ааспыт ветеран үнкүүһүттэр эдэр үҥкүүһүттэртэн хаалсыбакка, сэгэччи туттан чэпчэкитик хамсаналларын көрө олорон астынабын. Кинилэр “Дэйбиирдээх”, “Саламалаах”, “Күүлэй ” үҥкүүлэрэ көрөөччүнү эрэ барытын абылыыр. Уһуннук эн-мин дэһэн бииргэ алтыспыт үҥкүүһүттэрбэр, Иван Лонгиновка, Михаил Стручковка, Михаил Сотниковка, Алексей Борисовка, Александр Баишевка, Галина Мохначевская5а, Галина Стручкова5а, Ульяна Стручкова5а, Роза Борисова5а, Матрена Баишева5а, Надежда Заровняева5а, салайааччыларыгар Марина Борисова5а, кытаанах доруобуйаны, төһө кыайаргытынан өссө да үҥкүүлүү сылдьыҥ, дьоҥҥутун-сэргэ5итин үөрдэ туруҥ диэн алгыспын аныыбын. “Алгыстартан” үөрэнэн, кинилэри утумнаан орто саастаахтарга “Ситим”, эдэрдэргэ “Кылыыҥкай”, оскуола о5олоругар “Туллукчаан” үҥкүү образцовай коллектива айымньылаахтык үлэлиир салайааччылардаахтар.
Ити коллективтар бэйэлэрин үлэлэрин туһунан төһөнү ба5арар суруйуохтара, ахтыахтара. Кинилэргэ үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри ба5арабын.
Урукку сылларга айымньылаахтык үлэлээбит драмколлективтары Мария Михайловна Полякова салайааччылаах “Тиэхэлээх тэбэнэттэр” тэттик көр-күлүү коллектива салгыыр. Бэйэлэрэ туспа суоллаах-иистээх коллектив буолан улууска республика5а, ыытыллар көрүү конкурстарга ситиһиилээхтик кытталлар. Дьээбэрэҥнэр артыыстара самодеятельностан тахсыбыт дьон. Киэн туттан, махтанан ааттыыбын Эстафета Ивановна Стручкованы, Екатерина Васильевна Михайлованы, Мария Михайловна Полякованы, Тамара Семеновна Говорованы, Матрена Семеновна Максимованы,Светлана Ильинична Сотникованы, Дария Никитична Максимованы, Варвара Александровна Яковлеваны, Василий Васильевич Скрябины, Афанасий Константинович Борисовы уо.д.а.
Культура эстафетатын биир сүрүн ирдэбилинэн фольклорнай жанры көрүү буолар. Фольклорнай жанр оччоттон баччааҥҥы диэри ыарахан көрүҥ. Ыарахана диэн биһиги кырдьа5ас көлүөнэ дьоммутугар олоҥхоһут, тойуксут, оһуохайдьыт, хомусчут, чабыр5ахсыт дьон тарбахха баттанар ахсааннаахтара. Биһиэхэ орто оскуола саха тылыгар учуутала Марфа Петровна Филатова “Төҥүлүчээнэ” фольклорнай ансамбылга үөрэппит, такайбыт, дьарыктаабыт о5олоро Анатолий Скрябин, Анастасия Находкина, Георгий Баишев уонна Васильева Александра Васильевна бу жанрга бэйэлэрэ толорон, атыттары үөрэтэн көмөлөһөллөр. Фольклор бары жанрыгар дьо5урдаах, талааннаах, инникитин элбэ5и эрэннэрэр үөрэнээччибэр Анатолий Скрябиҥҥа ба5а санаам бастыҥын аныыбын. Билиҥҥи көлүөнэ ыччаты бэйэн талааҥҥар уһуйан өбүгэлэрбит үгэстэрин үөрэтэн, үгүс билбэппитин-көрбөппүтүн уһугуннаран, үйэлээ5и үйэтитиэ,Төҥүлү эбэни аатын ааттатыа диэн эйиэхэ эрэлим улахан.
1983 сыллаахха биһиги, Васильевтар, дьиэ кэргэн ансамблын тэринэн культура эстафетатыгар кыттар буолбуппут. Оройуоммут нэһилиэктэригэр, Нам оройуонугар, Дьокуускай куоракка концертары көрдөрбүппүт. Концертан киирбит үбү эйэ советскай фондугар, Майа5а тутуллан турар “Кыталык” эстетическэй киинигэр, Төҥүлүгэ спорткомплекс тутуутугар, нэһилиэк благоустройстватыгар биэрбиппит. Кэлин Төҥүлүгэ Петровтар, Баишевтар, Трифоновтар, Поповтар дьиэ кэргэн ансамбыллара баар буолбуттара.
Ханнык ба5арар концеры иилээн-са5алаан ыытааччы – конферансье. Уһун сылларга концеры салайан ыыппыт конферанстарга: Вера Баишева5а, Варвара Терешкина5а, Евдокия Баишева5а, Евдокия Белолюбская5а, Наталья Стручкова-Попова5а, Илья Габышевка, Гаврил Приблыхха, Марфа Сидорова5а махтанабыт.
Концертары 33 сыл устата орто дойду оло5уттан арахсыар диэри СР культуратын туйгуна, педагогическай үлэ ветерана Василий Денисович Васильев уонна үөрэнээччитэ Николай Николаевич Сорокин үксүн до5уһуоллаабыттара.
Василий Денисович 1965 сыллаахха Москва5а Съездтэр Дыбарыастарыгар Бүтүн Россиятаа5ы тыа сирин уус-уран самодеятельноһын көрүү түмүк концерыгар С.А.Зверев-Кыыл Уола тэрийбит “Оһуорун” үнкүүтүн 9 киһилээх саха национальнай оркестырынан до5уһуоллатан үнкүүлэппитэ. Музыканы өйдөөччүлэр улахан биһирэбиллэрин ылбыта. Денисович сэмэй мелодист, 30 ырыа автора этэ. Хаһан да мелодиспын диэн арбаммата5а. Төрөппүт о5олорун искусство кэрэ эйгэтигэр сиэтэн киллэрбитэ. Улахан кыыһа Валентина Хабаровскайга үөрэнэ сылдьан ырыа айарга холоммута. Кини “Этиий, миэхэ биир тылла”, “Вальс” диэн бэйэтэ суруйбут тылыгар ырыа айбыта. Уола Дмитрий оскуола5а 6 кылааска үөрэнэ сылдьан Марфа Куличкина “Кыталык” диэн хоһоонугар ырыа айан холоммута уонна оскуола үөрэнээччилэрин самодеятельноһын көрүү конкурсугар ыллаан лауреат аатын ылбыта. Үрдүкү кылаастарга үөрэнэ сылдьан “Трудный путь в Афганистан”,”Воспоминание” диэн хоһооннору суруйан, мелодия айан Амма5а ыытыллыбыт ыччат кокурсугар кыттан “Эдэр мелодист” диэн номинация5а дипломунан бэлиэтэммитэ. Валялаах Дима а5аларын курдук сэмэй мелодистар. Ол эрэн үлэ5э-хамнаска үтүрүйтэрэн, уостан-сүтэн хаалбаттар ини диэн эрэл кыымнаахпын…
Концерт кыттыылаахтарын таҥаһын-сабын булуу, тиктэрии элбэх үбү ирдиирэ. Көстүүмнэри урут Төҥүлүтээ5и бытовой комбинакка заказтаан тиктэрэр этибит, харчытын совхоз, нэһилиэк дьаһалталара уйунара. Бытовой иистэнньэҥнэрэ Светлана Тимофеевна Жиркова, Мария Прокопьевна Ильина, Елена Васильевна Татаринова-Свинобоева, Мария Прокопьевна Стручкова, Валентина Никитична Куличкина уонна да атын кыргыттар тиктилэр ини, тикпэтилэр ини. Сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Матрена Егоровна Федорова5а, Акулина Ивановна Федотова5а, эскизтэри оҥорбут фотограф Валерий Касьянович Местниковка, орто дойдуга олорорум тухары, кинилэргэ махтанабын, сүгүрэйэбин. Ити үксэ ааспыт 20-с үйэ5э буолбута сүрэххэ сөҥө сылдьар.
Культура эстафетатын ирдэбилинэн спорт хас да көрүҥнэригэр: тустууга эбэтэр хапса5айга, волейболга, баскетболга, остуол тенниһигэр, ытыыга, сүүрүүгэ, саахымакка, дуобакка, кэлин мас тардыһыытыгар, хабылыкка, хаамыска5а, фитнес — аэробика5а күрэхтэһиилэр эбии киирбиттэрэ. Оччоттон баччааҥҥа диэри спорду бырахпакка активнайдык кытталлар: Иван Лонгинов, Иван Баишев, бырааттыы Николай, Василий, Егор Баишевтар, Исак Катакинов, Илья Скрябин, Дмитрий Иванов, Василий Эврестов, Семен Попов, Никифор Баишев, Леонид Мохначевскай, Октябрина Борисова, Анастасия Скрябина, Варвара Яковлева, Прасковья Скрябина, Матрена Борисова, Валерия Мохначевская, Зоя Еремеева, Ольга сотникова, Светлана Петрова, Галига Стручкова, Федора Варламова, Анна Мохначевская, Августа Тимофеева, Анна Баишева. Саахымаччыттар Марфа Куличкина, Анисия Атласова, Александра Борисова, Татьяна Куличкина, Евдокия Ченянова, Дмитрий Ченянов, Николай Никифоров, дуобаччыттар: Василий Протодьяконов, Гаврил Данилов ааттарыгар махтанабыт.Спортка сыһыана да суох буолларбын күрэхтэһии хаамыытын кэтии, көрө-истэ сылдьарым “ыалдьан” ыһыы-хаһыы бө5өнү түһэрэрбит. Спортка күрэхтэһэр нэһилиэкпит хаамандатын үксүгэр кыайарбыт.
Норуот айар быыстапкатын ирдэбилэ элбэх, көрдөбүлэ да сүҥкэн буолара. Бу олорон махтана саныыбын нэһилиэктэрин чиэһин көмүскээбит уран тарбахтаах иистэнньэннэрбитигэр: Пелагея Васильевна Ларионова5а, Парасковья Романовна Романова5а, Варвара Михайловна Ноговицана5а, Роза Спиридоновна Кычкина5а, Вера Дмитриевна Баишева5а, Вера Алексеевна Стручкова5а, Светлана Тимофеевна Жиркова5а, Александра Семеновна Баишева5а, Вера Петровна Баишева5а уонна да атыттар ааттарынан киэн туттабыт.
Живописка, графика5а үрдүк баалы ылар Гаврил Ионович Ядреевы, Наум Федорович Киренскайы, Филипп Афанасьевич Лыткины, туоһунан кырыйан араас паннолары оҥорооччу Гаврил Афанасьевич Лыткины, көмүс ууһун Лука Егорович Баишевы, хомус ууһун Дмитрий Петрович Попову, удьурхайынан сахалыы иһиттэри оҥорооччу Михаил Ильич Попову, тимир уустарын Леонид Прокопьевич Говоровы, Устин Николаевич Борисовы, мас ууһун Василий Васильевич Васильевы уонна да атыттар көмүс кылааттарын киллэрбиттэригэр ааттарын махтанан бэлиэтиибит. Кинилэри удьуордаан орто уонна эдэр көлүөнэ уустара эстафета былаа5ын күөрэччи тута сылдьалларыттан астынабыт. Өр сылларга норуот айар быыстапкатын дэриэбинэни кэрийэн, саҥа ирдэбилгэ эппиэттиир үлэлэри, дьону кытта кэпсэтэн, быыстапка турар миэстэтин булан, хас биирдии экспозиция сөптөөх миэстэтин булан туруорарга, аатын-суолун суруйан жюрига көрдөрүү манан а5ай дьыала буолбатах. Бу олус түбүктээх, эппиэттээх үлэни нэһилиэк биир бастыҥ активиһвн, норуот депутатын, дьахтар сүбэтин салайааччытын Татьяна Прокопьевна Куличкина санныттан түспэт этэ. Кини бу эппиэттээх үлэни уһун сылларга үтүө суобастаахтык толорон жюри үрдүк сыанабылын ылара махталлаах дьыала. Татьяна Прокопьевна орто дойду оло5уттан ити общественнай үлэтин толоро сылдьан хомолтолоохтук туораабыта. Нэһилиэк общественноһа киниэхэ сүгүрүйэбит, махтанабыт, кинини умнубаппыт.
Төҥүлү нэһилиэгин уус-уран самодеятельноһын 50-с сылларга кулууп сибиэдиссэйинэн үлэлээбит, кэлин оскуола5а саха тылын учууталынан, интернакка иитээччинэн уонна бэрт уһуннук, оло5ун тиһэх күннэригэр диэри сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит, Мэҥэ ааттаах киэн туттар киһитэ, республика5а дьахтар поэтессалартан биир бастакылара, улаханнык ытыктыыр, сүгүрүйэр эдьиийбит Марфа Петровна Куличкина аатын сүгүрүйэ ааттыыбыт.
Мин түс бэйэм культура этафетата ыытыллыбыта 60 сылыттан Төҥүлүгэ 50 сыл кыттааччы уонна 40-тан тахса сыл тэрийээччи, тэрийсээччи буолан “үрүн-хара” көлөһүнүм түспүт киһитинэн сыаналанабын. Ол эрэн ити сыралаах үлэни тэрийиини өйөөбөт, өйдөөбөт, кыттыспат салайааччылар суохтара буоллар, хантан барыта кыаллыа этэй?! Сүгүрүйэ махтанабын оччотоо5у салайааччыларбар Максим Горькай аатынан совхоз директордарыгар Гаврил Александрович Старостиҥҥа, Михаил Иванович Пермяковка, Илья Иванович Стрекаловскайга, Федор Иннокентьевич Куличкиҥҥа,партком секретардара Афанасий Николаевич Баишевка, Василий Васильевич Скрябиҥҥа, Исидор Дорофеевич Федоровка, Михаил Михайлович Васильевка, Надежда Васильевна Атласова5а, комском секретардара Илья Прокпьевич Бугаевка, Андрей Михайлович Дьяконовка, Анатолий Антонович Баишевка, Яков Михайлович Артемьевка, рабочком председателлэрэ Афанасий Кузьмич Лыткиҥҥа, Егор Егорович Белолюбскайга, Илья Прокопьевич Габышевка, Николай Гаврильевич Толстяковка итиэннэ Төҥүлү нэһилиэгин сэбиэтин председателлэригэр Татьяна Александровна Стручкова5а, Семен Ионович Сергеевка, Илья Ильич Скрябиҥҥа, нэһилиэк баһылыктарыгар Иван Егорович Стручковка, Андрей Андреевич Стручковка, Никифор Александрович Стручковка, Анатолий Петрович Плотниковка өйөбүллэрин иһин махтанабын.
Эстафета5а кытта барар үлэһиттэри үлэлэриттэн көҥүллээн, атын киһинэн солбуйтаран ыыппыт тэрилтэ салайааччыларыгар оскуола директордарыгар: Егор Дмитриевич Титовка, Михаил Михайлович Васильевка, Федор Иннокентьевич Шариҥҥа, Алексей Егорович Сергучевка , Галина Иннокентьевна Шарина5а, 4№-дээх профтех училище директордарыгар Егор Александрович Захаровка, Петр Петрович Афанасьевка, Дмитрий Тихонович Борисовка, Егор Дмитриевич Стручковка, Иван Александрович Стручковка, сельпо председателигэр Николай Дмитриевич Слепцовка, участковай балыыһа главнай быраастарыгар Иван Петрович Аргуновка, Дария Романовна Тимофеева5а, ЖКХ начальнига Анатолий Петрович Дмитриевка, киин отделения салайааччытыгар Иван Егорович Стручковка, музыкальнай оскуола директора Галина Иннокентьевна Варламова5а, “Олимпионик”, “Чэчир” о5о сайдар кииннэрин сэбиэдиссэйдэригэр Таисия Дмитриевна Попова5а уонна Екатерина Ивановна Сорокина5а, “Хоту” СХПК салайааччыта Иван Ильич Максимовка көмөлөрүн иһин махтанабын.
2013 сыллаахха Төҥүлүгэ “Эйгэ” социальнай-культурнай киин саҥа дьиэтэ үлэ5э киирбитэ. Киин директорынан СР культуратын туйгуна Александра Федоровна Баишева, менеджеринэн СР культуратын туйгуна Афанасий Константинович Борисов салайааччылардаах, республика Ил-Дарханын гранын ылан үлэлии олорор коллектив. Культура дьиэтин иһинэн 13 общественнай тэрилтэлэр: Алаһа, Алаас ыала, Доруобуйа, Оһуохай, Мичээр, Эр-Хаан, Мандар, Абылаҥ, Айар Кут, Сандаара, Дабайаан, Эрэл түмсүүлэр үлэлииллэр. 16 самодеятельнай коллективка бэйэлэрин интэриэстэринэн түмсэн народнай хорга, ветераннар хордарыгар, “Туйаара, Сардаана, Ырыа ыллыга, Утум” вокальнай ансабылларга, “Алгыс” народнай үҥкүү, «Ситим», «Кылыыҥкай” үҥкүү коллективтарыгар, “Хомус, Мэнигийээн уонна Н-студия5а” түмсэн иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атаараллар. “Эйгэ” киин коллектива улууска, республика5а үчүгэй үлэтинэн биллэр. Нэһилиэнньэ5э араас өрүттээх агитационнай, культурнай мероприятиялары утумнаахтык ыытар. Төҥүлү нэһилиэгин уус-уран самодеятельноһа культура эстафетата тэриллибитэ 60 сылын устатын тухары мэлдьи инники миэстэлэргэ сылдьар. Ол курдук эстафета көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамята 2 төгүл букатыннаахтык хаалларыллыбыта. Кыһыл Знамя 3-түү сыл субуруччу 1-гы миэстэни ыллаххына хаалара. Маны таһынан 1975 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас уонна Алдан оройуоннарын ыччаттарын фестивалын Кыһыл Знамята хаалбыта. Хоровой коллектив уонна “Алгыс” үҥкүү коллектива народнай диэн үрдүк ааты ылбыттара. Хор коллективын 8 ырыаһыта(Андрей Стручков, Анатолий Барашков, Виктор Сотников, Василий Васильев, Галина Варламова, Валерия Мохначевская, Нина Капитонова, Анастасия Васильева). 1982 сыллаахха Москва5а уонна Ульяновскайга ыытыллыбыт Саха сирин литературатын уонна искусстватын күннэригэр республика своднай хоругар ыллыыр чиэскэ тиксибитэ. Төҥүлү эдэр ыччата инникитин да5аны а5а көлүөнэ илдьэ кэлбит үгэстэрин байытан, талааннарын сайыннаран айымньылаахтык үлэлиэхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпин.
Педагогическай үлэ, Төҥүлү нэһилиэгин уус-уран самодеятельноһын ветерана, Сэҥэ-Хаҥалас улууһун уонна Төҥүлү нэһилиэгин бочуоттаах гражданина Анастасия Дмитриевна Васильева
Ахсынньы 2015 сыл.