Ыам ыйын 21 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ырыа күнэ!

Ырыабыт Күнэ аҕыс сыл устата силис тардан, үнүгэс анньан, өрө үүнэн таҕыста. Аҕыс сыл диэн эттэххэ дэбигис, ону силигин ситэрбэккэ, соругун сойуппакка, ситимин быспакка ууннары тардан  кэлии — туһугар эмиэ тулуур, дьулуур, кыах наада эбээт… Ырыа Күнэ биир күннээх санаанан салайтаран тэриллибэтэҕэ, ыраахтан суолун тыыран кэлбитэ, өссө тоҕус уонус сыллартан саҕалаан, дойду ыһыллыытын саҕана, ырыа куттаах дьон түмүллэн биэртэрэ, саха ырыатын сүдү суолтатын бар дьонугар туһаайбыта. Ол силигин ситэрэн, аналын ыйан, тоҥ буору тобулу үүнэн тахсар ньургуһун дьөрбөлөөх алтан сэргэ турбута. Тирэхтээх, түмсүүлээх буоларга ыҥырбыта, саха кэхтибэт-самныбат санаатын салайбыта. Ол ситим быстыбатын туһугар хас биирдии киһи чэчир мас буолан тулалыы туран, кэскиллээх түһүлгэтин тэниппитэ… Эн онно кыттыһар санааҥ саарбахтааһына суох буоллаҕына, туску туһугар сылаас илиигин утары уунуоҥ, өссө биир сырдык сардаҥаны эбиэҥ, саха омук тыынын уһатыаҥ, төрүт тылын-өһүн, ырыатын-тойугун, сиэрин-туомун түһүлгэтин байытыаҥ, кэҥэтиэҥ… Оччоҕо ыччат дьонуҥ саргылаах саламатын тардыа, төрдүн ырыатын-тойугун үйэтитэр көмүс утаҕын өрүө, сахалыы тыллаах-өстөөх кэнчээритин дьылҕатын түстүө…

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *