Марфа Петровна Куличкина

Марфа Петровна Куличкина саха дьахталларыттан биир бастакынан айар үлэ умсулҕаннаах дьарыгар ылларбыт поэтесса. Марфа Куличкина 1929 с. от ыйын 6 күнүгэр Мэҥэ улууһугар Доллу нэһилиэгэр Төбүрүөн диэн алааска төрөөбүтэ. Ийэтэ Александра Константиновна 1 Мөҥүрүөн нэһилиэгиттэн төрүттээх. Эрдэ тулаайах хаалан таайыгар иитиллибит. Аҕата Петр Павлович Куличкин (Бөтөкө) биир да кылаас үөрэҕэ суох эрээри айылҕаттан айдарыылаах ветеринар. Кини оҕо сааһа сэрии, кураан, сут, тулаайахсыйыы, өлүү-сүтүү ыар сыллырыгар эрэйи-кыһалҕаны билэн уйан сүрэхтээх, чараас дууһалаах лирик-поэт буолара эдэр сааһыттан биллибитэ. Суруйарга оскуола эрдэхтэн холоммута. Оскуола эркин хаһыатыттан саҕалаан, оройуон, республика хаһыаттарыгар араас темаҕа заметкалары, ыстатыйалары, фельетоннары, хоһооннору бэчээттэтэрэ. Бастакы хоһоонноро 1949 с. «Колхоз кырдьыга», «Эдэр большевик» хаһыаттарга бэчээттэммиттэрэ. Уопсайа икки сүүсчэкэ хоһоонуттан үс кыммыттан биирэ оройуон уонна республика хаһыаттарыгар, хаста да “Хотугу сулус” сурунаалга бэчээттэммитэ. Оччотооҕуга боростуой тыа сирин олохтооҕо аар-саарга аатырбыт поэттары быһа туһэн кинигэ таһаарар кыаҕа суох этэ. Ол иһин тыыннааҕар кинигэ таһаарбатаҕа. Арай 1991 сыллаахха Скрябин Илья Ильич сүүрэн-көтөн “Үрүҥ түүл” диэн дьоҕус кинигэни таһааттарбыта. Тыыннааҕар кини суруйбут хоһоонноругар мелодистар мелодия айан үгүс хоһооннорун ырыа гынан көтүппүттэрэ. Ол курдук В. Ноев “Күөрэгэй”, Н. Сорокин “Үрүҥ түүн”, “Үрүҥ күн”, А. Варламова “Хомпоруун хотойдор”, А. Алексеев “Киэн тутта ыллыыбыт”, В. Васильев “Өлбүттэр сүрэххэ тыыннаахтар”, Е. Белолюбскай “Күн эйэ туһугар”, Г. Шахурдина “Алгыс ырыата”, “Таптыыбын эйиигин”, А. Дмитриев-Чүмэчи “Сибэкки биэрээри” уонна да атыттар. Ахсынньы 28 күнүгэр 1991 сыллаахха Аркадий Михайлович Алексеев музыкальнай театрга “Хагдарыйбыт ньургуһун” диэн поэтесса айымньыларыгар музыкальнай биэчэр тэрийбитэ. 2006 сыллаахха Иван Тарабукин “Сүүнэ тыл сүмэтин булларбын” диэн кинигэтэ бэчээттэммитэ. Бу хомуурунньыкка М.П. Куличкина бэчээттэнэ илин хоһоонноро киирбиттэрэ. 2015 сыллаахха Л. С. Аргунова хомуйан оҥорбут “Күөрэй дуу, күөрэгэйим” диэн үтүө киһини үйэтитэр үһүс кинигэ тахсыбыта. Марфа Куличкина хоһооннорун бэйэтэ сыанаттан ааҕара, культура эстафетатын хас да төгүллээх лауреатынан буолбута. Республикатааҕы фестиваль дипломанын аатын ыла сылдьыбыта. Культура министерствотын дипломнарынан, Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта. Иллэҥ кэмигэр саахымат оонньуурун сөбүлүүрэ, совхоз иһинэн ыытыллар күрэхтэһиилэригэр өрүү бириистээх миэстэни ылара. Олохтоох библиотекаҕа, оскуолаҕа учууталынан, интернакка сэбиэдиссэйинэн, иитээччинэн үлэлээбитэ. Поэтесса 1988 с. олунньу 22 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ.

WhatsApp Image 2020-06-25 at 10.55.jpg
SONY DSC

Куличкина, М. Үрүҥ түүл: Хоһооннор / Марфа Куличкина; [хомуйан оҥордо И. И. Скрябин]. – Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1991. – 144 с.

“Үрүҥ түүл” хомуурунньукка автор айар үлэтин тиэмэлэринэн наардаабыт. Маҥнайгы түһүмэххэ — төрөөбүт дойдуга таптал, айылҕа кэрэтинэн дуоһуйуу, олоххо махтал, таптал, эйэ-дьол ырыалара, патриотизм; иккис түһүмэххэ – орто дойду киһитин анала үрдүккэ, кэрэҕэ талаһыы буолуохтааҕа; үһүс түһүмэх хоһоонноро үгүстэрэ дойдутугар, кини үлэһит дьонугар ананар. Киһи олоҕун устатыгар чиэһинэй суобастаах, сэмэй майгыннаах, ыраас дууһалаах, дьоҥҥо үтүөнү эрэ баҕарыахтаах диэн ис хоьоонноохтор. Маны таһынан күннэтэ көрсөр олох араас очурдарын саралаан көрдөрөр сатирическай фельетоннара, хоһоонноро, поэт норуотун күннээҕи олоҕун билэрин уонна ол итэҕэстэр хайа сатанарынан түргэнник көннөрүллэр сүдү баҕатын көрдөрөр айымньылара олоххо суолталарын хаһан да сүтэриэхтэрэ суоҕа.

Оҕо барыта Марфа Петровна “Ийэлэр” хоһоонун ааҕара буоллар, баҕар, кырдьык даҕаны:

Хомойон, хоргутан, кэлэйэн, кэмсинэн

Хаһан да ытаабат буоллуннар Ийэлэр,

Олохтон үөрүүнү, оҕоттон мичээри

Күн ахсын, чаас аайы көрдүннэр Ийэлэр! –

диэн тыллар олоххо толору туолуо этилэрэ буолуо.

Ылан көрүөҕүн М.П. Куличкина сэрии сылларын олус ылыннарыылаахтык, итэҕэллээхтик хоһуйар хоһооннорун. Холобур, сахалартан бастакы Советскай Союз Геройа Федор Поповка анаабыт хоһооно:

Көмүстээх, алмаастаах хоту кыраайтан,

Саһыллаах, саарбалаах Сахабыт сириттэн,

Төрөөбүт-үөскээбит Баатараҥ сириттэн,

Барбытыҥ өстөөхтөн дойдугун көмүскүү.

Бүтэһик түһүмэх хоһоонноро олох туһунан санаалара олоҕу ис дьиҥин арыйарга дьулуһаллар, философскайдык анааран көрөн эдэр ыччаты табатык олоҕу олорорго ыҥыраллар:

Оччоҕо оҕотук саастаахпар

Олоххо тардыспат буоларым,

Өрүүтүн бу курдук эдэр саас

Эрчимэр уйдарыам дэнэрим.

2006 сыллаахха Иван Тарабукин “Сүүнэ тыл сүмэтин булларбын” диэн кинигэтэ бэчээттэммитэ. Бу хомуурунньыкка М.П. Куличкина бэчээттэнэ илин хоһоонноро киирбиттэрэ.

Үтүө киһини үйэтитэр үһүс кинигэ 2015 сыллаахха тахсыбыта

WhatsApp Image 2020-06-25 at 10.56.jpg

Күөрэй дуу, күөрэгэйим /[ хомуйан оҥордо Л. С. Аргунова ; аан тыл Р. И. Федоров, А. Н. Павлов-Дабыл]. – Дьокуускай : Сайдам, 2015. – 304 с. – Библиогр.: с. 157-163 (61 аат).

Бу үлэ икки кинигэттэн турар. Маҥнайгы кинигэҕэ саха бастакы поэтессаларыттан биирдэстэрэ Марфа Куличкина айар үлэтигэр саҥалыы көрүүлэр, сыанабыллар, чугас дьонун ахтыылара уонна бэчээттэнэ илик айымньылара, бэлиэтээһиннэрэ; иккис кинигэҕэ поэтесса хоһоонноро ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананан бэчээттэннилэр. Кинигэ Саха сиринээҕи Духуобунас Академиятын иһинэн үлэлиир Ыал култууратын киинэ иилээн-саҕалаан, ону тэҥэ бу үлэҕэ кыттыспыт дьон бары көмөлөөн оҥорбут үлэлэринэн буолар. Ааҕааччы, баҕар, этиэн сөп: “Ыал туһунан атын да поэттарынан этиттэриэххэ сөп этэ”, — диэн. Онуоха быһаччы эппиэттэринэн буоллулар ааптардар бэйэлэрин санаалара. Үгустэр кини тапталы (олох туллар тутааҕын) иэйэн-куойан туойбутун эттилэр, кинини таптал ырыаһытынан ааттыыллыр, кини тыла сүүнэтин бэлиэтииллэр, айар талаана эриэккэһин ырыталлар, олох туһунан көрүүлэрэ көтүмэҕэ суоҕун кичэйэн билиһиннэрдилэр. Оттон бүгүҥҥү күннээх олохпутугар, ордук ыал олоҕор тапталга, киһиэхэ, ыйдаҥаҕа, хатыҥҥа, күөх халлааҥҥа… барытыгар (Дабыл) көтүмэх сыһыаммытын билиннэхпитинэ, ырыҥалаатахпытына (осознание) инникибит кэскиллээх буолуохтааҕын, бүгүҥҥү күнү өтө көрбүт курдук, Марфа Куличкина хоһуйбута, үөрэппитэ, сэрэппитэ сэттэ уонча сыл буолбут эбит. Ол туһунан кинигэҕэ киирбит ыстатыйалар ааптардара бэрт элбэҕи эттилэр. Ол иһин бу кинигэ инникитин үлэлии турарыгар, сырдык санааны саҕарыгар эрэллээхпит (Л.С. Аргунова).

Хоһоон суруллара – киһи ис туруга. Өй уонна сүрэх мөккүөрэ. Ол да иһин Марфа Куличкина маннык диэтэҕэ:

Саныырбын сааһылаан суруйан,

Сахалыы хоһоон диэн ааттыыбын.

Сүрэҕим хааныттан хаан ылан

Өлбөккө өр тыыннаах сырыттын.

Поэтесса С.В. Гольдерова эппитинии: ”Бириэмэ тургутуутун ааспыт курус да, сырдык да ырыалара хомуһуннаах тыл хобо чуорааннарын куруутун да лыҥкыната туойдуннар! Таптыыр сүрэхтэргэ сүүрүгүрэн киирдиннэр, иэйэр куттаахтарга иһиллэн кэллиннэр!“

Бэлэмнээтэ Ирина Уваровская, ИМО сүрүн библиотекара.

https://sah.wikipedia.org/wiki/МарфаПетровнаКуличкина

SONY DSC
SONY DSC
Константин Степанов толоруутугар «Сибэкки биэрээри» Марфа Куличкина тыл.Александр Дмитриев — Чүмэчи мел.
Александр ДьячковскайСаарын толоруутугар — «Эппэккэ хаалбыппын», Марфа Куличкина тыл, (Саарын матыыба.)
Галина Шахурдина толоруутгар «Дьүөгэлэриэм, кыргыттарыам», М.Куличкина тыл,Г.Шахурдина мел.
Галина Шахурдина толоруутугар «Алгыс ырыата», М.Куличкина тыл.Г.Шахурдина мел.
Александр ДьячковскайСаарын толоруутугар — «Киһи эрэ», М.Куличкина тыл. В.Ноев мел.
Валерий Ноев толоруутугар «Күөрэгэй», М.Куличкина тыл. В.Ноев мел.
Валерий Ноев толоруутугар «Чараҥҥа» , М.Куличкина тыл. В.Ноев мел.
Николай Сорокин толоруутугар «Мин ийэм», М.Куличкина тыл,, Н.Сорокин мел.
Николай Сорокин толоруутугар «Эн суоххар», М.Куличкина тыл, Н.Сорокин мел.
Николай Сорокин толоруутугар «Үчүгэй», М.Куличкина тыл., Н.Сорокин мел.
Василий Сорокин — Айгылаан толоруутугар «Күүтэр таптыыр кыысчааным», М.Куличкина тыл., Николай Сорокин мел.
Николай Сорокин толоруутугар «Ыйдаах киэһээ», М.Куличкина тыл., Н.Сорокин мел.
Семен Ченянов толоруутугар «Эйиэхэ», М.Куличкина тыл., Семен Ченянов мел.
Вероника Степанова толоруутугар «Үчүгэй бу түгэн», М.Куличкина тыл., Н.Сорокин матыыба
Ирена Файрушина толоруутугар «Мичээргин кистээмэ», М.Куличкина тыл., В.Сорокин — Айгылаан матыыба