Николай Николаевич 1962 сыллаахха атырдьах ыйын 21 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү бөһүөлэгэр Сорокиннар дьиэ кэргэннэригэр төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. 9 сааһыттан концертарга баяҥҥа оонньоон кыттан барбыта. Төҥүлү орто оскуолатыгар 1 кылааска киириэҕиттэн 9 кылааһы бүтэриэр диэри оскуола солбуллубат ырыаһыта буолбута. 9 кылаас кэнниттэн Дьокуускай куорат 1 № дээх педагогическай училищетын музыкальнай отделениятыгар үөрэнэ киирбитэ. Онно 2 ый үөрэнэн баран, төннөн тахсан Төҥүлүтээҕи 4 нүөмэрдээх училищеҕа тракторист-машинист идэтигэр үөрэммитэ. Бу кэмнэртэн ыла саҕалаан кини мелодия айар дьоҕура биллибитэ. 1980 с. С.Спиридонова тылларыгар “Хатыҥнар” диэн бастакы ырыатын суруйбута. Бу ким да мелодиятыгар маарыннаабат, ураты истиҥ-иһирэх ырыа буолбутта. Төҥүлү нэһилиэгин чиэһин араас таһымнаах күрэхтэргэ көмүскээн, улуус, республика конкурстарын элбэх төгүллээх кыайыылааҕа, лауреата, дипломана буолан дьонун-сэргэтин үөрдэрэ. 17 сааһыгар, училищеҕа үөрэнэ сылдьан олоҕун аргыһын көрсөн, 5 оҕону төрөтөн, элбэх сиэн эһэтэ буолбута. 1983 сыллаахха Төҥүлү кулуубугар баяниһынан киирбитэ. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун «Дьүрүлгэн» мелодистар түмсүүлэрин чилиэнэ. Улууска ыытыллар культура уонна спорт эстафетатыгар элбэх сыл ыллаан , байааҥҥа доҕуһуоллаан, атын да араас тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ, кэнсиэртэргэ улууһун, Төҥүлүтүн элбэхтэ ааттаппыта. М.П.Куличкинаны кытта олус табыллан үлэлээн, сороҕор күҥҥэ иккилии ырыаны айан, биир дойдулаахтарыгар уостан түспэт ырыалары бэлэхтээн хааллабыттара. Дьон-сэргэ сөбүлээн истэр, ыллыыр ырыалара «Эн эрэ», «Ыйдаах киэһэ», «Ырыам уонна сибэкким», «Сулустар», «Үрүҥ түүн», «Сүгүрүйэ таптыыбын», «Айан ырыата», «Ыллыкчаана» уо.да.а буолбуттара. 2009 сыллаахха «Ырыам уонна сибэкким» диэн ырыаларыттан таҥыллыбыт дискэтэ сүрэхтэммитэ. 30 тан тахса ырыа автора, мелодист, самодеятельный композитор, СР культуратын туйгуна. 2012 сыллаахха Россия журналистарын чилиэнэ Н.Н.Тарабукин тылларыгар, Николай Сорокин мелодиятыгар «Тупса тур, Эн Хотун Төҥүлү» диэн айымньы Төҥүлү нэһилиэгин Өрөгөй ырыатынан биир санаанан ылыныллыбыта. Николай Сорокин 2012 сыллаахха эмискэ бу күн сириттэн барбыта. Биир дойдулаахпыт, кини үгүс ырыалара эдэр ыччакка ылланыа, үтүө аата ааттана туруо.
Куокаҕа — Николай Сорокиҥҥа
Умнубаппын байаан дорҕоонун
Иэйэр куойар истиҥ матыыбы,
Ураты намчы иэйиилэри
Айаҥҥын ыллаабыт күннэргин.
Тулабар кутуллар эн ырыаҥ
Төрөөбүт дойдугар тапталын,
Хас биирдии дорҕоонун кылыгар
Иһиллэр махталлаах тылларын.
Ийэҕэр,дойдугар бар дьоҥҥор
Тапталгын ырыаҕа холбооҥҥун,
Кынаттаан көҥүлгэ көтүтэн
Хааллардын Эн элбэх матыыбы.
Олоҕун салҕанар ырыаҕар
Кэнчээри ыччатын тойугар,
Байаан дьүрүскэн дорҕоонугар
Ырыаны сэргээччи сүрэҕэр.
Чөмчүүнэ
25.03.23.