Ыам ыйын 21 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ырыа күнэ!
Ырыабыт Күнэ аҕыс сыл устата силис тардан, үнүгэс анньан, өрө үүнэн таҕыста. Аҕыс сыл диэн эттэххэ дэбигис, ону силигин ситэрбэккэ, соругун сойуппакка, ситимин быспакка ууннары тардан кэлии — туһугар эмиэ тулуур, дьулуур, кыах наада эбээт… Ырыа Күнэ биир күннээх санаанан салайтаран тэриллибэтэҕэ, ыраахтан суолун тыыран кэлбитэ, өссө тоҕус уонус сыллартан саҕалаан, дойду ыһыллыытын саҕана, ырыа …