Олоҥхо — саха норуотун энциклопедията, бары күндүтэ мустубут музейа
“Олоҥхо – саха норуотун энциклопедията, бары күндүтэ мустубут музейа. Саха фольклорун бары жанрдарын синтеһэ, киһи билэр бары поэтическай ньыматын сиэркилэтэ” (Суорун Омоллоон). Олоҥхо – норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала. Бухатыырдар охсуһууларын көрдөрөр героическай эпос. Саха олоҕу анаарыыта, историята, философията, өркөн өйө. Олоҥхо уратыта – бөдөҥ айымньы, 30 тыһыынчаттан тахса строкалаах буолар. Фольклор бары жанрдара түмүллүбүт. Биир киһи өйүттэн …